22 Сэтинньи 22.11
  • -30°
  • $ 100,68
  • 106,08

Амма улууһугар “Уол оҕо -кэскилбит, эр киһи — эрэлбит” аттаах айан түөрт күн устата буолла

Хаартыска: Амма олоҕо хаһыат
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Эмис орто оскуолата атынан айаны тэрийбитэ быйыл 29-с сылыгар барда. Маннык уол оҕо уйанын -хатанын билэр, оҕону айылҕалыын алтыһыннарар атынан айаны оччолорго олохтоох оскуолаҕа “Үрүҥ Уолан” предмети үөрэппит Николай Уваров тэрийбитэ. 90-с сыллар ортолоруттан тиийэн кэлбит үтүө үгэс күн бүгүнүгэр диэри өйөнүллэн тиийэн кэллэ. Быйылгы айан түөрт күннээх, Эмис нэһилиэгин бэйэтин сиригэр-уотугар буолла.


“Маннык айаммыт уолаттары эр-хаан өртүнэн эрчийэргэ, өй-санаа өртүнэн сайыннарарга, айылҕалыын алтыһан, биир бииргэ буолар, аты көлүнэр, көрөр-истэр, бэйэни тургутан көрүүгэ үөрэнэллэр. Быйылгы айаммыт Николай Васильевич дьиэ кэргэнин Кудуҥха диэн үрэххэ баар базаларыгар буолла. Онно тиийэн үс хоннубут. Онон сырыыбыт үс хонуктаах, түөрт күннээх айан буолла. Килэс, Дирээн диэн сирдэри көрдүбүт. Сылгыһыттарга сырыттыбыт. Оҕолор айылҕа уһуктуутун, саас кэлиитин көрдүлэр. Үрэхтэр уунан туолан туралларын көрөн астыннылар. Үс күн устата бииргэ олорон бэйэ бэйэлэригэр көмөлөсүһэн, аттарын аһатан, көрөн-истэн, дьиэ-уот да хомуйуутугар үөрэннилэр. Айан биллэн туран уустуктардаах буолар буоллаҕа. Өр акка сахсыллан эт-хаан сылайыыта, ат халтарыйыан да сөп, бэйэҥ алҕас туттан охтуоххун да сөп. Онно барытыгар бэлэмнээх иһиэххин наада. Манна биирин бэлиэтээн эттэхпинэ, биһигини кытта тэҥҥэ хас биирдии айаммытыгар биир киэн туттар ыччаппыт, спортсмеммыт Дьокуускайтан Петр Васильевич Уваров сылдьыһан улахан өйөбүл оҥорор. Онон киниэхэ улахан махталлаахпыт. Биир сүрүн, уопсай сорукпут ыччаты иитии, дойдубут кэскиллээх буолуута!”, — диэн аттаах айан биир бастакы кыттааччыта, оскуола дириэктэрэ Гаврил Захаров сэһэргиир.

Айанныахтарын иннинэ маршруттарын барытын эрдэттэн бэлэмнииллэр. Тоҕо диэтэр айан-сырыы көннөрү буолбакка, хайаатар да ис хоһоонноох, үөрэтэр сыаллаах буолуохтаах. Бу иннинэ айанньыттар Мэҥэ Хаҥалас улууһун Чыамайыкытыгар, Тиэлигитигэр тиийэ бара сылдьыбыттара. Ону кытта Амма улууһугар Болугур, Сатаҕай, Алтан, Бөтүҥ, Абаҕа нэһилиэктэригэр тиийэн көрсүһүүлэри ыытан, үлэлэрин кэпсииллэрэ, бэйэлэрэ да элбэҕи билэллэрэ. Былырыын Саһыл Сыһыы кыргыһыытын 100 сылын бэлиэтээһиҥҥэ аттарынан тиийэн үгүс дьону сөхтөрбүттэрэ, тэрээһиҥҥэ кыттыбыттара.  Гаврил Дмитриевич бэлиэтииринэн, маннык бырайыак төрөппүт уонна аттаах дьон көмөтө суох кыаллыбат. Николай Васильевич киллэрбит этиитин ылынан, күн бүгүҥҥэ диэри биир дойдулаахтара өйүү сылдьалларыттан айаны аан бастакынан тэрийбит Уваровтар дьиэ кэргэн дириҥник махтаналлар.

“Аттаах айаҥҥа оҕолорун итэҕэйэн ыыппыт төрөппүттэргэ итэҕэлгит эрэлгит иһин улахан махтал. Ону сэргэ ат наада буолла да сылын аайы өйүүр дьоммутугар, аттаах айаны бастакынан төрүттэспит урукку оскуола дириэктэрэ Гаврильев Алексей Ильичка уонна Михайлов Анатолий Алексеевичка, Федоров Егор Егоровичка,Захаров Семен Николаевичка, Захаров Андрей Петровичка, Захаров Тимофей Петровичка, Николаев Прокопий Павловичка, Николаев Павел Павловичка, Новиков Василий Степановичка махталбытын тириэрдэбит. Оҕолорбут эт-хаан өттүнэн доруобай, өй — санаа өттүнэн ыраас, киэҥ көҕүстээх, күүстээх санаалаах буола үүнэллэрин чугастык ылынан, оҥорор көмөҕүт, өйөбүлгүт иһин махтанабыт. Бу айаҥҥа нэһилиэк олохтоохторун элбэх киһи көмөтө, өйөбүлэ күүскэ күүс эбэр”, — диэн Уваровтар дьиэ кэргэн  санааларын тириэрдэллэр.

Чахчы да оннук буоллаҕа. «Сүгэ кыайбатаҕын- сүбэ кыайар». Онон эмистэр бары түмсэн бу курдук уолаттарга аналлаах аттаах айаннара улууспутугар соҕотох бырайыак буолар. Уол оҕо барахсан маннык тургутуулаах айаннарга сылдьан уйана-хатана биллэр буоллаҕа. Николай Васильевич өтө көрөн, уолга ураты болҕомтотун ууран маннык бырайыагы олохтоотоҕо.  Кэлэр сылга,  “Уол оҕо -кэскилбит, эр киһи — эрэлбит” диэн атынан айан тэриллибитэ 30 сылын бэлиэтиир. Маны тэрийээччилэр киэҥ хабааннаахтык бэлиэтиир былааннаахтар.

Ааптар: “Амма олоҕо” хаһыат

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА