Сылын аайы Байанай ыйыгар эдэр туристар станциялара араас интэриэһинэй тэрээһиннэри ыытар. Үгэс буолбут Амма улууһун оскуола үөрэнээччилэрин икки ардыларыгар «Эдэр булчут» күрэхтэһии Чакыр сиригэр Күбээйи эбэҕэ буолла. Тэрээһини директор Николай Николаев арыылаах алаадьынан аал уоту айах тутан арыйда.
Күрэхтэһиигэ 6 хамаанда эр-биир түсүһэн тыҥааһыннаах киирсиини көрдөрдүлэр. Балаһыанньанан хамаандаҕа түөрт уол, икки кыыс кытталлар. Соморсунтан, Чапчылҕантан, Амма 1№-дээх оскуолатыттан, Чакыртан икки, Өнньүөстэн хамаандалар күүстээхтик бэлэмнэнэн кэлбиттэрин бэйэни билиһиннэрии түһүмэхтэн тута билиннэ. Амма 1 №-дээх оскуола «Эрэл» хамаандата айылҕа оҕолорун, айылҕаны харыстыаҕын диэн дьиҥнээх инсценировка көрдөрдүлэр.
«Булка бэлэмнэнии» түһүмэххэ кыттааччылар сон, патронташ кэтэн, сүгэһэр сүгэн туут хайыһарынан сүүрдүлэр. Сон замога харан, ыксалга патронташ курун кыайан курдаммакка кыһыылаах түгэннэр тахсыталааннар сүрдээх тыҥааһыннаах түһүмэх буолла. Бу сырыыга долгуйууну кыайан, түргэнник хамсанан Соморсун «Айылҕа оҕолоро» хамаандата кыайда.
Ох саанан ытыы түһүмэҕэр Чакыр «Мохсоҕол», Соморсун уонна Амма 1№-дээх оскуолатын хамаандалара харахтара сытыытын, илиилэрэ күүстээҕин дакаастаатылар. 3 очконан баһыйан Амма 1 №дээх хамаандата кыайан таҕыста. «Эрэл» хамаанда оҕолоро бары даҕаны оххо бэлэмнээхтэр, ким тииҥи, ким куһу табан үөрдүлэр.
«Булчут сатабыла» түһүмэх хамаанданы барытын түмэр, ким түмсүүлээҕин, бииргэ үлэлиир кыахтааҕын көрдөрдө. Түһүмэх саҕаланаатын кытта икки уол ойбон аллара, биэдэрэҕэ уу баһа сүүрдүлэр, өссө икки уол илии эрбиитинэн уһун маһы эрбии олордулар. Кыргыттар уолаттарга көмөлөһөн, оллоон сирин бэлэмнээн көх-нэм буоллулар. Ойбон аллара охсон уу таһаарааттарын кытта мас хайытан, чыыспа тыыран, дьэ буруо-тараа таһааран, аны бэлэмнэнэн кэлбит үөрүйэхтэрин, албастарын туһанан ким түргэнник уу оргутарыгар күрэхтэстилэр.
Саамай сатабыллаахтарынан «Ситим» Чакыр иккис хамаандата таҕыста.
Булт быраабылатын, айылҕа сокуонун туһунан викторинаҕа Соморсун «Айылҕа оҕолоро» хамаандата кыайда.
Бүтэһик түһүмэххэ илим көрүүтүгэр ким бааттааҕа билиннэ. Күөх Боллохтон көмүс хатырыктааҕы төһө элбэҕи бэриһиннэрбиттэрин ыйааһыннаан Чапчылҕан «Стрела» хамаандата 8 киилэ балыгы таһааран үөрдүлэр.
Уопсай түмүккэ Соморсун «Айылҕа оҕолоро» (салайааччы Караканов Д.С.) 3 миэстэ, Амма №1-дээх оскуолатын «Эрэл» (сал. Петухов Д.Д.) 2 миэстэ уонна Чакыр «Мохсоҕоллор» (сал. Матвеев Т.М.) 1 миэстэ буоллулар. Күрэххэ бастакытын кыттыбыт Чапчылҕан «Стрела» (сал. Максимов Г.Д.) уонна Өнньүөс «Дьулуур» (сал. Макаров Д.С.) хамаандаларыгар инникитин да ситиһиилэри баҕарабыт.
Үүнэр көлүөнэни, оҕолорбутун айылҕаҕа сыһыаран, сахалыы тыыҥҥа, сиргэ хаһаайынныы сыһыаҥҥа иитиэххэ!
Анна Чаприна, «Амма олоҕо» хаһыат