ОДьКХ Амматааҕы филиалыгар навигация саҕаланыаҕыттан 14 509 туонна чох Дьабарыкы Хайаттан Томпо оройуонуттан тириэрдилиннэ, биэдэмистибэ пресс-сулууспата СИА-ҕа иһитиннэрдэ.
Уматыгы «СахаСпецТранс» тэрилтэ тириэртэ филиал анал ыскылааттарыгар: Амма сэлиэнньэтигэр – 11 903 туонна уонна Бөтүҥҥэ – 2 606 туонна.
Ньурбатааҕы ОДьКХ-ҕа «ЛОРП» суудуналарынан Дьабарыкы Хайаттан 9 722 туонна (былаан 14,2 тыһ. туонна) тиэлиннэ. Ньурба куоратын ыскылаатыгар 12 тыһ туоннатын сүөкүөхтэрэ, Маалыкайга – 2,2 тыһ. туонна чоҕу.
Кэбээйи Сангаарыттан уу тырааныспарынан 10 тыһ туонна чох тиэлиннэ. Быйылгы навигацияҕа Ньурба филиалыгар 26,4 тыһ. туонна «Сангарское горнотехническое предприятие» тэрилтэ кытаанах оттуга тириэрдиллиэхтээх.