Дыгын оонньууларыгар кыайыыга претенденнэртэн биирдэрэ, Амма улууһун спортсмена Борис Сдвижков Уус Алдан улууһун Тумулугар буолбут хапсаҕай ыһыаҕар түөрт кыһыл көмүс мэтээли ылла.
Мас-рестлер Туймаада ыһыаҕар кылаабынай турнирга бэлэмнэнии чэрчитинэн хас да киирсиини оҥордо. Борис Сдвижков Иннокентий Халдеев аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи хапсаҕай ыһыаҕар кыттыыны ылла.
Сдвижков хапсаҕай турнирыгар бэйэтигэр мэтээл ылбата эрээри, олохтоох тэрийээччилэр түһүлгэҕэ ыыппыт спорт атын түөрт көрүҥэр күннээтэ. 400 м саамай түргэн буолла. Гиирэ быраҕыытыгар, национальнай ыстаҥаҕа, 95 кг ыйааһыннаах тааһы көтөҕүүгэ бастаата.
«Дыгын оонньууларын иннинэ хапсаҕайга бэлэмнэниэхпин наада этэ. Эрдэ эмиэ, сүрүн киирсиилэр иннилэринэ, маастарыстыбабын тупсараары күрэхтэһиилэргэ кыттарым. Быйыл оруобуна хапсаҕай ыһыаҕар түбэстим», — диэтэ Сдвижков.
Хапсаҕай ыһыаҕар ааттаах-суоллаах Тимур Николаев, Иван Семёнов, Егор Друзьянов, Артем Сивцев, Айсен Копырин кытыннылар. Чөмпүйүөн Иван Семёнов эбии икки мэтээллээх — таас көтөҕүүтүгэр уонна гиирэ быраҕыытыгар. Оттон Байаҕантай нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччыта Артём Сивцев массыынаны барыларыттан ыраах соһон илтэ.