Амма Наахаратааҕы уһуйаан кэлэктиибэ 14 куул хортуоппуйу хомуйда

Амма Наахара нэһилиэгин «Дуораанчык» уһуйаан кэлэктиибэ хортуоппуйдарын хостоотулар.

«Дуораанчык» уһуйаан үлэһиттэрэ тэрилтэлэрэ хортуоппуй олордор сирдэриттэн үүнүүлэрин хомуйдулар. Полина Кононова салайар иллээх кэлэктиибэ 14 куул бөдөҥ хортуоппуйу хомуйда.

3 куулу сиэмэ гына уурдулар. Ордугун бэйэлэрин үлэһиттэригэр атыылаан, уһуйааҥҥа дохуот киллэрдилэр.

Ханнык да үлэттэн чаҕыйан турбат «Дуораанчык» уһуйаан саҥа үөрэх сылын балаҕан ыйын бастакы күнүттэн саҕалаата.

Ирина Корякина -Олесова, «Амма олоҕо» хаһыат, Ulusmedia

This post was published on 16.09.2022 17:28 17:28