22 Сэтинньи 22.11
  • -27°
  • $ 100,68
  • 106,08

Амма кырыымпаһыттара – Олоҥхо ыһыаҕын кылаан чыпчааллара

18:01, 21 июня 2022
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Үөһээ Бүлүүгэ XV Олоҥхо ыһыаҕар аан бастакытын саха кыллаах-чаачардаах инструменыгар кылыһах кырыымпаҕа «Кыл кылыһах алыптаах дорҕооно» күөн-күрэс бэс ыйын 20 күнүгэр үрдүк таһымҥа ыытылынна. Бу саха төрүт дорҕоонун иһитиннэрэр дьикти алыптаах күрэххэ өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан бу хайысхаҕа үлэлии сылдьааччылар кытыннылар.

Амма улууһун төрүт дорҕоон бөлөҕө күрэххэ бастыҥын көрдөрдө. Дьүүллүүр сүбэҕэ «Кыл Саха» бөлөх салайааччыта, СӨ үтүөлээх артыыһа Анна Томская, маастар уонна импровизатор-толорооччу, «Кыл Саха» бөлөх солиһа, СӨ культуратын туйгуна Руслан Габышев уонна Үөһээ Бүлүүттэн Айсен Кысылбаиков үлэлээтилэр, суруйда @amma_olo5o

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА