Амма улууһун Болугуругар оскуоланы хапытаалынайдык өрөмүөннээһин саҕаланна. Ол туһунан өрөспүүбүлүкэ үөрэҕин тэрилтэлэрин өрөмүөннээһиҥҥэ, саҥардыыга туһуламмыт мунньахха этилиннэ.
«Амма улууһугар үөрэҕирии систиэмэтин саҥардыыга дьаһаллар чэрчилэринэн Болугур оскуолатыгар хапытаалынай өрөмүөнү ыытыыга «Северо-восток Стройдизайн» тэрилтэни кытта сөбүлэҥ түһэрсилиннэ. Хантараак суумата 40 мөл.солк. Бу күннэргэ демонтаж үлэтэ саҕаланыаҕа. Муус устар 16 күнүттэн бэдэрээччит тутуу матырыйаалын миэстэтигэр тириэрдиини ыытыаҕа. Онон оҕолор дистанционнай үөрэниигэ көһөллөр», — диэн улуус баһылыга Николай Архипов иһитиннэрдэ.
Былаан быһыытынан, үлэ атырдьах ыйыгар түмүктэниэхтээх.