Аммаҕа үс нэһилиэнньэлээх пуун ууга барда

Амма улууһугар үс нэһилиэнньэлээх пууну уу ылан, ыам ыйын 9 күнүнээҕи туругунан 215 олорор дьиэ тиэргэнэ ууга барда. Ол иһигэр 143 олорор дьиэ. ЫБММ Саха сиринээҕи управлениетын иһитиннэриитинэн, ууга барбыт дьиэлэртэн бары көһөрүлүннүлэр.

Аммаҕа 99 дьиэ тиэргэнэ, ол иһигэр 43 олорор дьиэ, Чапчылҕаҥҥа 95 олорор дьиэ, Абаҕаҕа 21 тиэргэн, ол иһигэр 5 дьиэ ууга былдьанна.
Ол курдук Амма сэлиэнньэтиттэн 12 км сиргэ муус харыыта үөскээн халааннаабыт. Уу таһыма 1055 см.

Биһ. корр., edersaas.ru

This post was published on 10.05.2018 09:40 09:40