22 Сэтинньи 22.11
  • -30°
  • $ 100,68
  • 106,08

Аммаҕа Олоҥхо ыһыаҕар 10 тыһыынчаттан тахса ыалдьыт кэлэрэ күүтүллэр

Хаартыска: Андрей Сорокин, ЯСИА
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бэҕэһээ Ил Дархан Айсен Николаев Аммаҕа бэс ыйын 20-21 күннэрин эргин ыытыллыахтаах Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии боппуруоһунан сүбэ мунньаҕы ыытта, суруйда Саха сирэ саайт.

Өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар Олоҥхо ыһыаҕа 2006 сылтан ыытыллар. Ону тэрийэн ыытарга анаан анал эбийиэктэр тутуллаллар, култуура тэрилтэлэрин материальнай-тэхиньиичэскэй баазалара бөҕөргүүр, суол-иис өрөмүөннэнэр, уопсастыбаннай эйгэ тупсарыллар.

Ил Дархан Айсен Николаев мунньах саҕаланыытыгар ыһыаҕы тэрийэргэ булгуччу бары быраабыла уонна санитарнай нуорма тутуһуллуохтааҕын ыйда. Маны таһынан, тырааныспар боппуруоһугар уонна «Амма» айан суолугар куттал суох буолуутун хааччыйыыга болҕомтотун уурда.

Тэрийээччилэр иһитиннэрбиттэринэн, Олоҥхо ыһыаҕар уонтан тахса тыһыынча ыалдьыт кэлэрэ күүтүллэр. Кинилэргэ табыгастаах усулуобуйа тэриллиэхтээх, тэрээһин логистиката үчүгэйдик толкуйдаммыт буолуохтаах, — диэн соругу туруорда Ил Дархан.

Туспа сорудахтар далааһыннаах бырааһынньык кэмигэр уопсастыбаннай тырааныспар үлэтин уонна өрүһү туоруурга паром сырыытын тэрийиигэ бэрилиннилэр. Сүбэ мунньахха үп-харчы уонна тэрийии боппуруостара кэмигэр быһаарыллыбыттара этилиннэ.

Аммаҕа быйыл ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕа биир саамай кэрэ, үчүгэй тэрээһининэн буолуохтаах. Аммаларга уонна уопсайынан Саха сирин бары дьонугар-сэргэтигэр өйдөрүгэр-сүрэхтэригэр иҥиэхтээх, — диир Айсен Николаев.

Хаартыскаҕа Андрей Сорокин түһэриитэ, СИА

Быйыл сайын Амма улууһугар Олоҥхо ыһыаҕын ыытарга 19 эбийиэк тутуллара былааннаммыт. Олор ортолоругар «Аал Луук мас» уонна сиэри-туому толорорго тутуулар, ыалдьыттары көрсөр миэстэлэр, үгэс буолбут күөн күрэстэр ыытыллар сирдэрэ, о.д.а. баар буолуохтаахтар. Маны сэргэ, Аар баҕах — ытык сэргэ, Аал уот олоҕо (холумтан), Күнү көрсөр түhүлгэ, уо.д.а. былааннаналлар. Олоҥхо түһүлгэтигэр (олоҥхоһуттар түһүлгэлэригэр) Туос ураhа – олоҥхоһуттар ураһалара, Мас ураhа (бабаарына), Оҕо олонхоhут балаҕана, оһуокай түһүлгэтэ, Уус түhүлгэтэ дьону-сэргэни түмүөхтэрэ. Оттон ыалдьыттар тырыбыналара, Олоҥхо ыһыаҕын арыллыытын уонна түмүгүн көрдөрөргө анаммыт былаһаакка, Тойон Аан, Моҕол ураhа болоҕомтону тардаллара саарбахтаммат. Эрдэ былааннаммыт эбийиэктэртэн ураты Хомус түhүлгэтэ, култуура уонна успуорт тэрээһиннэрин ыытарга былаһааккалар баар буолуохтара.

Култуура уонна успуорт тэрээһиннэригэр кыттар 3700 киһиэхэ Амма улууһугар эбийиэктэри бэлэмнииллэр. Маны сэргэ, атыы-эргиэн уонна уопсастыбаннай аһылык, ону таһынан балаакканан куорат, уопсайа 30-тан тахса эбийиэк былааннанар. Суол-иис уонна Амма сирэ-уота өрө тардыллар, бэрээдэктэнэр. Олоҥхо ыһыаҕын «Саха» НКИХ быһа көрдөрө турарыгар анаан ВОЛС лииньийэтэ тардыллыахтаах.

Олоҥхо ыһыаҕын үөрүүлээх-көтүүлээх быһыыга-майгыга тэрийэргэ, саҕаланыытын уонна түмүгүн чаҕылхайдык, уратытык толкуйдаан оҥорорго эппиэттээҕинэн, сүрүн режиссерунан судаарыстыбаннай цииркэ художественнай салайааччыта, дириэктэрэ Сергей Расторгуев талыллыбыта. Маныаха култуура тэрээһиннэригэр Олоҥхо тыйаатырын артыыстара,  АГИКИ, култуура уонна ускуустуба кэллиэһин устудьуоннара, «Кыл Саха» ансаамбыл уонна судаарыстыбаннай цииркэ кыттыыны ылаллар. Улуус 900 кэриҥэ олохтооҕо тэрээһиннэргэ кыттыаҕа.

«Фольклор Амгинского улуса: традиции и современность» уонна «Олонхо амгинских сказителей» кинигэлэр тахсыахтара. Ону таһынан, кулун тутар 21-22 күннэригэр Аммаҕа «Ысыах Олонхо в Амге: эпос, диалог поколений, взгляд в будущее» научнай-мэтэдиичэскэй кэмпириэнсийэ ыытыллыа. Кэмпириэнсийэҕэ 22 улуустан барыта үс тыһыынчаттан тахса киһи кыттара күүтүллэр.

СӨ Ил Дарханын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

Хаартыскаларга Андрей Сорокин түһэриилэрэ, СИА

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА