22 Сэтинньи 22.11
  • -27°
  • $ 100,68
  • 106,08

Алтынньы 30 күнүттэн сэтинньи 7 күнүгэр диэри хайдах олоробут?

15:01, 26 октября 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Арассыыйа Бэрэсидьиэнин ыйааҕынан, алтынньы 30 күнүттэн сэтинньи 7 күнүгэр диэри хамнаһы хаалларан туран өрөбүл күннэр биллэриллибиттэрэ. Өрөспүүбүлүкэбитигэр дьаҥ тарҕамматын диэн СӨ Ил Дархана ыйаахха илии баттаата. Манна Владимир Путин ыйааҕа олоххо киириитин сүрүн миэрэлэрэ киирдилэр. 

Ил Дархан ыйааҕынан,  алтынньы 30 күнүттэн сэтинньи 7 күнүгэр диэри олоххо наадалаах эрэ тэрилтэлэр үлэлиэхтэрэ (мэдиссиинэ тэрилтэлэрэ, бырамыысыланнас тэрилтэлэрэ, аптекалар, бородуукта маҥаһыыннара).

Итиэннэ маннык тэрилтэлэр үлэлииллэрэ көҥүллэннэ:

— табаары тэйиччиттэн тиэрдэн биэрэр өҥөнү оҥорор эргиэн тэрилтэлэрэ;

— электроннай форманан өҥөнү оҥорор тэрилтэлэр;

—  уопсастыбаннай аһыыр сирдэр (ол иһигэр атыы-эргиэн кииннэригэр бааллар эмиэ, фудкорт үлэлээбэт, арай бэлэм бүлүүдэни атыылаһан илдьэ барар эбэтэр дьиэҕэ тиэрдэн биэрэр буоллахтарына);

— култуура тэрилтэлэрэ; — гостиницалар уонна хостеллар.

Уһун өрөбүллэргэ «QR-куодунан» ханна сылдьыахха сөбүй?

Уопсастыбаннай аһыыр сирдэр (эрэстэрээннэр, кафелар, остолобуойдар, баардар, быстах аһыыр сирдэр о.д.а.) алтынньы 30 күнүттэн сэтинньи 7 күнүгэр диэри сарсыарда 6 чаастан киэһэ 22 чааска диэри үлэлиэхтэрэ. Оттон сэтинньи 8 күнүттэн сарсыарда 6 чаастан киэһэ 23 чааска диэри үлэлиэхтэрэ.

Нэһилиэнньэлээх пууннар тэйиччилэринэн уонна климатическай усулуобуйалар учуоттананнар, айан кафеларын үлэлиир болдьохторо хааччахтаммата.

Доруобуйаларынан быһыыны сатаан ылбат дьон ону туоһулуур докумуону, 72 чаастан бэттэх туттарбыт ПЦР анаалыс «отрицательнай» түмүгүн илдьэ сылдьаргыт ирдэнэр.

Култуура тэрилтэлэрэ QR-куодунан көрөөччүлэри киллэрэллэр, саала 50% толору буолуохтаах.

18 сааһын туола илик оҕолор  QR-куодтаах төрөппүттэрин кытта сылдьыахтаахтар.

Үөрэнээччилэр сынньалаҥнара уонна оҕо дьуһуурунай бөлөхтөрө

Үөрэх тэрилтэлэригэр алтынньы 30 күнүттэн сэтинньи 7 күнүгэр диэри каникул биллэриллэр.

Бу күннэргэ үлэлиир төрөппүттэрдээх оҕолорго анаан уһуйааннарга дьуһуурунай бөлөхтөр арыллыахтара.

Уһун өрөбүллэр кэмнэригэр үлэлээбэттэр:

— бородууктаны уонна бастакы наадалаах маллары атыылыыр маҕаһыыннартан атын маҕаһыыннар бары;

— атыы-эргиэн, атыы-сынньалаҥ кииннэрэ, комплекстара;

— малы атыылыыр ырыынактар, дьаарбаҥкалар;

— парикмахерскайдар, кэрэ буолуу солуоннара, косметическай солуоннар, спа-кииннэр, массаас кэбиниэттэрэ;

— туристическай баазалар, комплекстар, сынньалаҥ баазалара;

— зоопаркалар;

— фитнес-кулууптар, тренажернай саалалар, спортивнай саалалар, манежтар, хайыһар баазалара, хаҥкылыыр сирдэр, спортивнай-сынньатар тэрилтэлэр;

— атын хаҥкылыыр сирдэр, хайыһар уларсар пууннар, хайыһардыыр пууннар;

— бассейннар, баанньыктар, сауналар, солярийдар;

— көмпүүтэргэ оонньуур кулууптар, саалалар;

— букмекерскай хонтуоралар, лотереяны тэрийэр фирмалар. 60 сааһын ааспыт коронавируһу утары быһыы толору куурсун ааспатах, хроническай ыарыылаах, иммуносупрессия туруктаах үлэлээбэт дьон дьиэҕэ бэйэни хааччахтаналлара ирдэнэр.

edersaas.ru

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА