Алтынньы 2 диэн Грегориан халандаарыгар сыл 275-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 276-c күнэ). Сыл бүтүө 90 күн баар.
Бэлиэ күннэр:
- ХНТ — Дойдулар ардыларынааҕы күүһүлээһин суох буолуутун күнэ (день ненасилия)
- СНГ — Идэтийбит техническэй үөрэх күнэ
- Финляндия — Сөлүөккэ балык күнэ.
Түбэлтэлэр:
- 1187 — Эгиипэт уонна Сиирийэ султаана Саладин Иерусалим куораты ылбыт, бу түбэлтэ Үһүс Кириэстээх бохуот төрүөтүнэн буолбута.
- 1552 — Нуучча ыраахтааҕыта Уордаах Уйбаан сэриилэрэ Казаны ылбыттар, Казан ханлыга Арассыыйаҕа холбоммут.
- 1836 — Чарльз Дарвин «Бигль» хараабылынан 5 сыл кэриҥэ устубут айаныттан дьиэтигэр төннүбүт, кини бу айан кэмигэр муспут билиитэ эволюция түөрүйэтин олохтууругар олук буолбута.
- 1946 — АХШ-га «Ыраах томтор» диэн бастакы «мыыла операта» жанрдаах сериал премьерата буолбут.
- 1974 — Саха сиригэр сир аннынааҕы саахаллаах ядернай дэлби тэптэриилэртэн биирдэстэрэ 1,7 килотонналаах «Кристалл» оҥоһуллубут. Мирнэй улууһун Удачнай куоратыттан 2,5 км хоту диэки 98 метр дириҥҥэ Хайа-байытар комбинат хвостохранилищетын быһытын тутаары дэлби тэптэриллибит. Былаан быһыытынан бу 8 дэлби тэптэрииттэн бастакыта эбит. Ол эрэн бастакы сырыыга радиациялаах былыт халлааҥҥа өрө күөрэйэн тахсыбыт уонна тыалынан тулалыыр иччитэх сирдэринэн тарҕаммыт. 5 күнүнэн радиация таһыма намтаан дьон бу территорияҕа киирэр кыахтаммыттар. 1992 сылтан саҕалаан радиациялаах буору Удачнай карьерын отвалынан саба көмөн, тоҥ буорунан дьапталҕа оҥорон «саркофаг» туппуттара.
- 1987 — ССРС Киин тэлэбиидэнньэтигэр «Взгляд» бырагыраамма аан бастаан тахсыбыт.
- 2004 — Лондоҥҥа бастакы пааркаҕа сүүрүү, о.э. паркран (ааҥыл. parkrun), тэрээһинэ буолбут. Паркран диэн аан дойду үрдүнэнэн куорат пааркаларыгар ыытыллар 5 килэмиэтирдээх сүүрүү. Бу сүүрүү күрэхтэһии буолбатах, ол эрээри бириэмэни ааҕаллар. Дьокуускайга паркран 2018 сылтан ыла кыһыннары-сайыннары субуота аайы сарсыарда 9 чааска куорат пааркатыгар ыытыллар.
- 2006 — 2942 №-дээх «Саха Өрөспүүбүлүкэтин Кыһыл кинигэтин туһунан» Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бэрэсидьиэнин Ыйааҕа тахсыбыт. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Кыһыл кинигэтигэр барыта 367 үүнээйи уонна тэллэй (337 тымырдаахтар, 13 муох, 7 лабыкта, 10 тэллэй); 112 харамай (16 үөн-көйүүр, 6 балык, 3 уу-хонуу харамайдара, 2 сыылааччылар, 68 көтөр, 17 үүтүнэн иитээччилэр) көрүҥнэрэ киирбиттэр.
Төрөөбүттэр:
- 1858 — Константин Неустроев — Урсик — народник-революционер, сахаттан биир бастакы учуонай. 1881 сыллаахха Петербурдааҕы университет физико-математическай факультетын ситиһиилээхтик бүтэрбит саха бастакы үрдүк үөрэхтээхтэриттэн биирдэстэрэ.
- 1869 — Махатма Ганди (дьиҥнээх аата Моhандас Карамчанд Ганди) — Ииндийэ тутулуга суох буолуутун хамсааhынын тутаах басхана. Сатьяграhа диэн тиранияны күргүөмнээх олохтоох бас бэринимиинэн утарылаhыы философиятын айааччыта.
Өлбүттэр:
- 1861 — Афанасий Уваровскай — Саха уус-уран литературатын бастакы хараҥаччыта. Үлэтин хайысхатынан Саха Сирин араас улуустарын, Лаамы байҕал кытылын, Үт сиригэр тиийэ кэрийбитин туһунан ахтыылары хаалларбыта. Ону кытары сахаларга «Степной дума» диэн бэйэни салайыныы органа тэриллэригэр кылаатын киллэрбитэ.
- 1985 — Елизавета Бурцева (12.07.1912 төр.) — ыанньыксыт, Социалистическай Үлэ Дьоруойа, Уус-Алдан улууһун ытык киһитэ.