Кыыс оҕо дойдулар ардыларынааҕы күнүн ХНТ 2011 сыллаахха, кыыс оҕо быраабын билинэр сыалтан, олохтообут. Аан бастаан бу күнү 2012 сыллаахха оҕолор ыал буолууларын кыһалҕатыгар анаан бэлиэтээбиттэр. Ити курдук хас сылын аайы бэлиэ күн кыыс оҕо араас кыһалҕатыгар болҕомто тардар сыаллаах ыытыллар. Кыыс оҕо социальнай, экономическай, политическай инвестиция түмүгэр тэҥ бырааптаах киһи буола сайдарыгар анаммыт күн.
Алтынньы 11 диэн Грегориан халандаарыгар сыл 284-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 285-c күнэ). Сыл бүтүө 81 күн баар.
Бэлиэ күннэр:
- ХНТ — Дойдулар ардыларынааҕы кыыс оҕо күнэ
- Башкортостан — Өрөспүүбүлүкэ күнэ
- АХШ — Национальнай каминг-аут күнэ
Түбэлтэлэр:
- 1931 — ССРС-ка чааһынай эргиэн бобуллубут. 1920-с сыллардааҕы НЭП (Саҥа экэниэмикэ бэлиитикэтэ) үйэтэ түмүктэммит.
- 1944 — Тыва Народнай Өрөспүүбүлэкэтэ ССРС састаабыгар киирбит.
- 1962 — Римҥэ Иккис Ватикан Собора саҕаламмыт. Бу соборга Католик Таҥара дьиэтин саҥардар уонна сиэри-туому судургутутар докуомуоннар ылыллыбыттара. Биир сүрүн уларытыынан литургияҕа латыын тылын оннугар дьоннор бэйэлэрин тылларын туһаныы буолбута.
- 1999 — XX үйэ саҕаланыытыгар үлэлии-хамныы сылдьыбыт Саха сирин политическэй диэйэтэлэ, конфедералистар бастаанньаларын салайааччыларыттан биирдэстэрэ Михаил Артемьев реабилитацияламмыт.
Төрөөбүттэр:
- 1948 — Вадим Кузьмин — техника билимин дуоктара, профессор, СӨ НА академига.
- 1949 — Анатолий Николаев — Саха тыйаатырын артыыһа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа.
- 1953 — Наталья Антипина — археолог, Хотугулуу-Илиҥҥи Азия таас үйэтин кэминээҕини чинчийбит устуоруйа билимин хандьыдаата.
Өлбүттэр:
- 1937 — Григорий Чорос-Гуркин — Алтай уруһуйдьута, өрөбөлүүссүйэ кэмигэр алтай омук хамсааһынын салайааччыларыттан биирдэстэрэ. Омугунан телеут, чорос бииһэ.