Тырааныспар министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, алтынньы 11 күнүттэн өрөспүүбүлүкэ ууларынан кыра суудуналар айаннара барыта тохтотуллар. Сөптөөх бирикээс таҕыста.
Алтынньы 1 күнүттэн 2021 сыл: Анаабыр, Дьааҥы, Өлөөн, Усуйаана, Эбээн Бытантай улуустарыгар;
Алтынньы 4 күнүттэн 2021 сыл: Абый, Аллайыаха, Үөһээ Халыма, Булуҥ, Орто Халыма, Аллараа Халыма, Эдьигээн, Муома, Өймөкөөн;
Алтынньы 11 күнүттэн 2021 сыл: Алдан, Амма, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Горнай, Кэбээйи, Ленскэй, Мэҥэ Хаҥалас, Мииринэй, Нам, Нерюнгри, Ньурба, Өлүөхүмэ, Сунтаар, Таатта, Томпо, Уус-Алдан, Уус-Майа, Хаҥалас, Чурапчы, Дьокуускай уонна Жатай.