3 Алтынньы 03.10
  • -1°
  • $ 81,01
  • 95,34

Алтынньы 1 күнүттэн биэнсийэлэри индексациялааһын туһунан Судаарыстыбаннай Дуумаҕа кэпсээтилэр

13:33, 29 сентября
Текст:
Хаартыска: Саха сирэ саайт
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Алтынньы 1 күнүттэн байыаннай биэнсийэни Оборуона министиэристибэтин уонна атын сэбилэниилээх күүстэр нөҥүө ылар биэнсийэлээхтэргэ 7,6 быр. үрдэтиэхтэрэ: борокуратуура, ФСБ, ФСИН, ИДьМ, диэн РИА Новостига Судаарыстыбаннай Дуума үлэҕэ уона социальнай бэлиитикэҕэ кэмитиэтин баһылыга Ярослав Нилов иһитиннэрдэ, суруйда Саха сирэ саайт.

“Алтынньы 1 күнүтэн акылааттары үрдэтиинэн, биэнсийэлэри эмиэ үрдэтиэхтэрэ. Бу индексация, ол иһигэр, “байыаннай” биэнсийэлээхтэргэ эмиэ сыһыаннаах. Алтынньы ыйга байыаннай биэнсийэлээхтэргэ уона сэбилэниилэх (силовой) биэдэмистибэлэр урукку үлэһиттэригэр 7,6 % үрдүөҕэ. Байыаннай биэнсийэ – Оборуона министиэристибэтин нөҥүө биэнсийэлээхтэр ылар төлөбүрдэрэ эрэ буолбатах. Бу атын силовой биэдэмистибэлэр биэнсийэлээхтэрэ эмиэ киирсэллэр: борокуратуура, ФСБ, ФСИН, ИДьМ уо.д.а”, — диэтэ Нилов.

Маныаха төрүөтүнэн билигин үлэлиир сотрудниктар харчынан ылар төлөбүрдэрэ буолар – манна олоҕуран бу биэнсийэлэр ааҕыллаллар.

“Арассыыйаҕа биэнсийэлээхтэр кэккэ категориялара баар уонна кинилэр биэнсийэлэрин төлөбүрүн индексациялааһын арааһынай бэрээдэгэ. Страховой биэнсийэлэри быйыл тохсунньу 1 күнүгэр сабаҕаламмыт инфляция таһымынан үрдэтиллибитэ уонна олунньу 1 күнүгэр дьиҥнээх инфляциянан ситэри индексацияламмыта. Байыаннай биэнсийэлэргэ туспа көрүҥнээхтэр”, — диэн дьокутаат ситэрэн биэрдэ.

Көннөрү биэнсийэлээхтэргэ тохтууругар, Нилов этэринэн, кинилэргэ, холобур, 70 саастарын туолалларыгар фиксированнай төлөбүрдэрэ улаатар, онон, ити индексацияланнаҕына биэнсийэлэрэ эмиэ.

“80 саастарыгар – эмиэ итинник. Ол курдук, балаҕан ыйыгар 80 саастарын туолбуттар алтынньы ыйтан страховой биэнсийэлэригэр 8907,70 солк. кээмэйдээх улааппыт фиксированнай төлөбүрү ылаллар”, — диэтэ кини.

Бэлиитик бэлиэтииринэн, кинилэри көрүүгэ-истиигэ дьиҥнээхтик толоруллубут докумуонунан 1314 солкуобай эбии толуйуу ананар уонна уопсай эбиллии бу түгэҥҥэ 10 тыһыынча солкуобайы куоһарыа. Хаттаан ааҕыыны быһалыы толороллор – сайабылыанньа биэрэр ирдэммэт.

“Балаҕан ыйыгар бырабыыталыстыба уурааҕынан инфляция таһымыгар олоҕуран индексация коэффициенэ чопчуламмыта. Онон акылааттар 7,6 быр. индексацияланыахтара уонна тэҥҥэ байыаннай биэнсийэлээхтэр биэнсийэлэрэ үрдүөҕэ – бу Оборуона министиэристибэтин уонна атын силовой күүстэр урукку үлэһиттэригэр сыһыаннаах”, — диэн Нилов түмүктээтэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Ключевые слова