«АЛРОСА» хампаанньа Сунтаар улууһун дьаһалтатыгар ууну ыраастыыр реагеннары атыылаһан, биэрдэ, диэн СИА-ҕа хампаанньа пресс-сулууспа иһитиннэрдэ.
Бактерияны өлөрөр уонна ууну иһэргэ сөптөөх оҥорор “АКВАТАБС” диэн тимэх эми (таблетканы) чугастааҕы күөллэртэн ууну быстах кэмҥэ туһанар сэлиэнньэлэргэ анаан түҥэттилэр.
Маны сэргэ «АЛРОСА» Сүлдьүкээр сэлиэнньэтигэр анаан бу нэдиэлэ бүтүүтэ манна үлэлиир ыраастыыр тэрил фильтрдэрин атыылаһан, тиэрдиэҕэ. Билигин Сүлдьүкээр олохтоохторугар ыраастаммыт ууну кутан илдьэр иһити атыылаһар туһунан боппуруос көрүллэр.
Санатан эттэххэ, СӨ айылҕа харыстабылын министиэристибэтин экологическай кэтээн көрүүгэ иһитиннэрэр-ырытар өрөспүүбүлүкэтээҕи киинин үлэһиттэрэ Бүлүү өрүстэн ылыллыбыт ууга сүһүрдэр химическэй эттик суоҕун бигэргэппиттэрэ.