22 Сэтинньи 22.11
  • -34°
  • $ 100,68
  • 106,08

АЛРОСА хотугу табаны харыстыыр бырайыагы үбүлээһинин салгыаҕа

13:01, 12 апреля
Текст:
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

АЛРОСА хотугу табаны харыстыыр бырайыагы өйүүр туһунан сөбүлэҥҥэ биологическай ресурсалар Дирекцияларын кытта илии баттаста. Докумуон болдьоҕо — 2023-2026 сыллар.

Хотугу дьиикэй табаны харыстааһыҥҥа «Запад» анал этэрээт үлэлиир, таба көһүүтүн кэмигэр көҥүлэ суох бултааһыны бохсуоҕа, учуот уонна мониторинг ыытыаҕа, адьырҕа кыыллар ахсааннарын хонтуруоллуоҕа.

Бырайыак түмүгүнэн Саха сирин хотугу дьиикэй табаларын үөскүүр кыахтарыгар сыанабыл бэриллиэҕэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА