Бэс ыйын 4 күнүгэр Зеленый Мыс бөһүөлэккэ Аллараа Халыма оройуонугар ОДьКХ туһаныытыгар чох бастакы иэнин тиксэрдилэр. МП-3342 баржалаах «Патома» буксир 2,2 тыһ туонна чоҕу Зырянкаҕа илтэ. Ол туһунан коммунальнай тэрилтэ пресс-сулууспата суруйда.
Маны сэргэ, Колымское сэлиэнньэ таһыгар уу таһыма намтыырын күүтэн суудуна турар, кини 3,4 тыһ туонна кытаанах оттугу буортатыгар тиэниилээх.