Сэтинньи 10 күнүттэн «Арктика» 1523+000 км – 1597+880 км учаастактарыгар Аллараа Халыма территориятыгар айан суола арылынна. Бу Черскэй бөһүөлэгиттэн Чукотскай автономнай уокурук кыраныыссатыгар тиийэр.
«Дороги Арктики» тэрилтэ иһитиннэрбитинэн, арыллыбыт суолга хонтуруол олохтонуо.
Бэлиэтээтэххэ, былырыын суолу оҥорооччулар Чукотка хайысхатыгар кыһыҥҥы суолга сэтинньи 20 күнүгэр тахсыбыттара, быйыл — алтынньы 23 чыыһылатыгар. Онон таһаҕас таһыы арыый эрдэлиир чинчилээх.