22 Сэтинньи 22.11
  • -25°
  • $ 100,68
  • 106,08

Аллараа Бэстээхтээҕи нефтебаза үһүс уочараттаах тутуутун алтынньыга бүтэриэхтэрэ

12:01, 03 июля 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Саханефтегазсбыт» АУо Аллараа Бэстээхтээҕи нефтебазатын тутуу үһүс уочарата оҥорон таһаарыы күүһүн икки төгүл эбиэхтээх. СИА суруйар. 


«Саханефтегазсбыт» АУо оробуочай бөлөҕө Мэҥэ Хаҥалас улууһун Аллараа Бэстээх бөһүөлэгэр тутуллар нефтебаза хаамыытын көрдө.

РВС-2000 түөрт резервуар таҥыллар, эстакада, насоснай уонна технологическай турбалар кэҥэтиллэллэр. Резервуарнай паарка уопсай иэнэ, бырайыак быһыытынан, 16 тыһ.м3 тириэрдиллиэхтээх. Бу нефтебаза эргиирин улаатыннарыахтаах, ТС-1 авиационнай кыраһыыны тутар-биэрэр кыах үөскүөхтээх.

Тутуу, былаан быһыытынан, 2020 сыл алтынньытыгар түмүктэниэхтээх.

Тутууга уонна инвестицияҕа генеральнай дириэктэр солбуйааччыта Михаил Андросов, кылаабынай инженер Эдуард Чикачёв, хапытаалынай тутуу уонна өрөмүөн отделын кылаабынай исписэлииһэ Евгений Белоусов, Аллараа Бэстээхтээҕи нефтебаза дириэктэрэ Александр Нифонтов, «Резервуаростроитель» ХЭУо бэдэрээттиир тэрилтэ бэрэстэбиитэллэрэ гидрофобнай араҥа ууруутун уонна резервуардар таҥыыларын көрдүлэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА