22 Сэтинньи 22.11
  • -34°
  • $ 100,68
  • 106,08

"Аллараа Бэстээх" станциятыгар 282 богуон норуот туттар табаара баар

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Аллараа Бэстээх » станцияҕа 282 богуон норуот туттар табаара баар. Ааспыт сууккаҕа 115 вагону сүөкээтилэр. Бүгүн, муус устар 5 күнүгэр, 88 богуону таһыы былааннанна, диэн Саха сирин Тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Саха сиригэр диэри наадалаах табаардардаах (бурдук, бородуукта, утах, саахар, куруппа, сэлиэһинэй, комбикорм, бытовой химия, тус гигиена) тиэммит 148 богуон кэллэ.

Сыл саҕаланыаҕыттан муус устар 4 күнүгэр диэри «Аллараа Бэстээх» станцияҕа диэри барыта 403 тыһ. туонна  таһаҕас, ол иһигэр 161,8 тыһ. туонна нефть бородууктата, 107,7 тыһ. туонна контейнердаах таһаҕас, 82,1 тыһ. туонна атын таһаҕас, 32,8 тыһ. туонна ас- үөл, 18,6 тыһ. туонна тутуу маллара тиэллэн кэллилэр..

Бэлиэтээн эттэххэ,  Уһук-Илин диэкиттэн кэлэр Нерюнгри-Грузовая кирбиилэһэр станциятыттан 150- ча богуон ылыллар. Ол иһигэр сорохторо Аллараа Бэстээххэ диэри, учаастак станциятыгар ананан кэлэллэр.

Билигин Аллараа Бэстээххэ үс маневровай локомотив, «Нижегородская» станцияҕа 9 крановай тиэхиникэ уонна 7 биригээдэ таһаҕаһы тиэйэр үлэлэргэ үлэлииллэр.

Дьокуускайга таһаҕаһы суһаллык тиэйиигэ ООО «Ассоциация строителей АЯМ» таһаҕаһы таһар массыына үлэлиир.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА