Балаҕан ыйын 1 күнүттэн М.Е. Попов аатынан № 1-дээх Аллара Бэстээх оскуолатын базатыгар тимир суол фирменнай кылааһын арыйыахтара. Бырайыак «Железные дороги Якутии» тэрилтэ уонна транспорт техникума кыттыылаах ыытыллар.
Оскуола 30 үөрэнээччи киирэр биир үөрэнэр аудиторияны биэрэр, эбии үөрэх уонна үөрэх таһынан чаастарга техническай предметтары дириҥэтэн үөрэтэр уонна хайысхалаах үөрэх тэрилтэтигэр киириигэ бэлэмнэнэр чаастар бэриллиэхтэрэ. Манна өрөспүүбүлүкэ атын улуустарыттан эмиэ үөрэниэхтэрин сөп.
Оскуола интернаттаах.
«Железные дороги Якутии» тэрилтэ хампаанньа тосхолун сайдыытыгар генеральнай дириэктэри солбуйааччы Алексей Местников фирменнай кылаас арыллыытыгар интэриэс баарын эттэ, тоҕо диэтэххэ, тимир суол исписэлиистэрин үөрэтэр үрдүк үөрэхтэргэ математика уонна физика предметтэригэр күүстээх болҕомто ууруллар.