Судаарыстыба баһылыга Владимир Путин бу соторутааҕыта буолан ааспыт бэйэтин “быһа линиятыгар” РФ үпкэ экс-миниистирин Алексей Кудрины Президент экономическай Сэбиэтигэр көхтөөхтүк кыттарыгар ыҥырбытын бигэргэппитэ. “Кини билигин дойду иннигэр турар соруктарга үлэлэһэргэ бэлэм”, — диэбитэ Путин. Итиннэ ситэрэн, Кудрины Сэбиэккэ эрэ буолбакка, Стратегияны оҥорор Кииҥҥэ эмиэ көрөрүн биллэрбитэ.
Бэҕэһээ “Российская газета” хаһыат иһитиннэрбитинэн, Алексей Кудрин стратегияны оҥорор Кииҥҥэ үлэлииргэ этии киирбитигэр сөбүлэспит. Онон билигин сөбүлэһии процедурата бара турар.
Кудрин бу Киин Сэбиэтин салайыаҕа уонна Президент экономикаҕа Сэбиэтин президиумугар 2016-2017 сыллардааҕы бырагырааматын бэлэмниэҕэ.
50 киһилээх президиум икки сыллааҕыта бигэргэммитэ. Владимир Путин бэйэтэ салайар. Састаапка Алексей Кудрин, Сбербаан президенэ Герман Греф, РАНХГС ректора Владимир Мау уонна да атын биллэр экономистар киирэллэр.
Президиум маҥнайгы мунньаҕа ыам ыйын 20 күнүгэр ыытыллара былааннанна.
Юрий Куприянов, СӨ Ил Дарханын уонна бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын салайааччыта, “Биир ньыгыл Россия” барыллаан куоластааһынын кыттыылааҕа:
— Россия президенэ Владимир Путин норуотугар аһаҕас сыһыана – биһиги кини күүһүгэр, кыаҕыгар, Россияны сайыннарар модун санаатыгар итэҕэлбитин өссө дириҥэтэр. Биһиги олус интэриэһинэй ис хоһоонноох историялаах, толору туомталаах норуоппут. Онон кини тугу этэрэ биһиги сарсыҥҥы кэскилбитигэр туһаайылларын өйдүүбүт.
Ол иһин кини хас биирдии ыйытыыга эппиэтэ, тэбис-тэҥҥэ норуотун кытта кэпсэтэрэ, омугуттан тутулуша суох барыбытыгар биир сыалы туруорара сайдыыбытыгар суолу аһан биэрэрин кэриэтэ. Ол да курдук, дойду билиниитин ылбыт финансист Алексей Кудрины улахан политикаҕа төннүөн сөбүн иһитиннэрбитэ эмиэ мээнэҕэ буолбатаҕа чуолкай. Билигин дойдуга мындыр, сөптөөх санааларын сөптөөх кэмигэр сөптөөхтүк туһаҕа таһаарар исписэлиистэргэ наадыйар кэмҥэ олоробут. Мин санаабар, ол иһин Владимир Путин 2018 сылтан саҕаланар сайдыы барылларыгар Кудрин кэскиллээх этиилэри оҥороругар эрэнэн итинник быһаарыыга кэлбит буолуохтаах.
Алексей Леонидовиһы Саха сиригэр сыһыары тутан эттэхпинэ ордук өйдөнүө. Ол курдук кинини биһиги өрөспүүбүлүкэҕэ олус улахан оруоллаах, суолталаах дьыалалары оҥорбут киһинэн, салайааччынан билинэбит. Ол иһин Саха сирэ Путин Кудриҥҥа сыһыаннаан этиититтэн үөрэбит эрэ.
Алексей Кудрин аата “АЛРОСА” хампаанньаны кытта ыкса сибээстээх. 2009 сыллаах кириисис кэмигэр Россия судаарыстыбата бу хампаанньа хаалан, инникитин өссө барыстаах буоларыгар быһаарыы ылыытыгар үлэлэспитэ. Гохрана оҥоһуллан тахсыбыт алмааһы атыылаһан ылан, онон хампаанньа дьонугар хамнас төлүүрүгэр кыаҕы биэрэн, салгыы оҥорон таһаарыыга үлэлииллэригэр усулуобуйа тэрийбитэ. Билигин оччолордооҕу быһаарыы сөптөөҕүн “АЛРОСА” бүгүҥҥү үлэтэ көрдөрөр.
Өссө биири бэлиэтиибин. НДПИ (сиртэн хостонор баайга нолуок) диэн биһиги эрэ өрөспүүбүлүкэбитигэр үлэлиир нолуок баар. Ити олоххо киириитигэр Саха сирин салалтатын туруорсуутун Кудрин РФ үбүн миниистиринэн үлэлии олорон өйөөбүтэ. Ол түмүгэр сылга 17-тэ млрд.солк. кэриҥэ суума биһиги бюджеппытыгар киирэ турар. Бу улахан ситиһии.
Онон Алексей Кудрин политикаҕа кыттара олус наадалаах дии саныыбын.