28 Сэтинньи 28.11
  • -26°
  • $ 108,01
  • 113,09

Алексей Еремеев: «Регион 2025 сыллааҕы бюджетыгар бары социальнай эбэһээтилистибэлэри хааллардыбыт»

Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Сэтинньи 27 күнүгэр Ил Түмэн депутаттарын онус пленарнай мунньахтарын кэнниттэн парламент бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев түмүктэри оҥордо.

«2025 сыллааҕы бюджет боростуойа суох. Бары социальнай эбэһээтилистибэлэри хааллардыбыт: хамнас, босуобуйа төлөбүрэ, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар мэктиэлэри. Бюджет эйгэтин үлэһиттэригэр хамнастарын былааннаммыт бэрээдэгинэн улаатыннарар кыах билигин суох. Бырабыыталыстыбаны кытта чуолкай дуогабардаахпыт: бюджеты улаатыннарыы өттүгэр кыах үөскээтэ даҕаны, бастакынан хамнаһы үрдэтиигэ болҕомто уурабыт», – диэтэ Алексей Еремеев.

Бюджет ылыныыга депутаттар бары кэриэтэ саҥа социальнай эбийиэктэри тутууга инвестицияттан аккаастаннылар.

«Эрдэ биһиги сылга 20-тэн тахса эбийиэги тутууну саҕалаабыппыт. Онон 2025 сылга саҕаламмыт эбийиэктэри түмүктүөхтээхпит уонна федеральнайдааҕы нацбырайыактары, ол иһигэр саҥа бырайыактары, олоххо киллэриигэ биһигиттэн бэриллэр үппүтүн уурунуохтаахпыт. Кэлэр сылга Сунтаарга уонна Тааттаҕа эрэ икки эбийиэк тутуута саҕаланыаҕа.

Маны сэргэ, коммунальнай комплекска субсидияҕа ороскуот эмискэ улаатыытын кыһалҕатын көрүстүбүт. Эрдэ бу хайысхаҕа 15 — 20 млрд солк тыырар эбит буоллахха, 2025 сылга бу сыыппара 50 млрд солк чугаһаата», – диэтэ спикер.

Уопсайынан регион 2025 сыллааҕы бюджетын Алексей Еремеев «сбалансированнай уонна структурированнай» диэн сыаналаата.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА