Уһук Илини сайыннарыыга РФ миниистирэ Алексей Чекунков мунньахха эппитинэн, 2020 сыл атырдьах ыйын 1 күнүттэн сири судургутук ылыы механизма Арктика эргимтэтигэр тарҕаныа.
«Атырдьах ыйын 1 күнүттэн Арктикаҕа сири босхо ылыы бырагыраамата саҕаланыаҕа. Онон баҕалаахтар сири алта төгүл түргэнник ылыахтара, ол эбэтэр ый иһигэр, уруккута сыл аҥара буолара. Сокуон барыла Госдуумаҕа киллэрилиннэ», — диэтэ Алексей Чекунков.
Саҥа сокуону оҥорбот туһугар, баар № 119 федеральнайдааҕы сокуоҥҥа («уһук илиҥҥи гектар» туһунан) көннөрүү киллэрилиннэ. Сокуон киирбитин бастакы 6 ыйыгар олохтоох дьон эрэ сири ылар бырааптаах буолуохтара. Салгыы Россия гражданнарыгар барыларыгар көҥүллэниэҕэ, маны сэргэ тас дойдуттан олохсуйа көһөн кэлээччилэргэ.
Учаастактар Арктика территориятын хонуутугар, кураанах сиригэр эрэ бэриллиэҕэ. Манна үс регион Мурманскай уобалас, Ненецкэй автономнай уокурук уонна Ямало-Ненецкэй автономнай уокурук барыта, итиэннэ Красноярскай кыраай, Архангельскай уобалас, Коми Өрөспүүбүлүкэтэ уонна Карелия 23 муниципальнай оройуона киирэллэр.