«Киһи этин-сиинин сахалыы ааттарын 50 сааспар чугаһаан эрэ баран биирдэ билбитим. Онуоха мин аҕам Константин Чирков – Абый Кырдьаҕаһа үөрэппитэ. Кини ити туһунан үөрэтэрин барытын аналлаах тэтэрээккэ сурунан иһэрим», — диэн кини кыыһа Александар Чиркова кэпсиир.
Александра Константиновна Чиркова, СӨ үтүөлээх бырааһа, доруобуйа харыстабылын тэрийээччи, хирург, үрдүк категориялаах рефлексотерапевт, идэтийбит эмчит, биоэнерготерапевт. Константин Чирков – Айыы Ойуунун 9 оҕотуттан аҕатын ураты дьоҕурун соҕотоҕун утумнаабыт эмчит. Кини билигин Абый улууһун Үрүҥ Хайатыгар олорор. Бу кини бастакы интервьюта, урут суруналыыстары кытта хаһан да кэпсэппэтэҕэ. «Кэмэ кэллэ диэн сананаан салайтаран мин интервью биэрэргэ сөбүлэстим. Аҕам сырдык аата дьон-сэргэ ортотугар сөргүтүллүөн баҕарабын. Кинини Улуу Ойуун эрэ курдук буолбакка, чулуу олоҥхоһут, талааннаах алгысчыт быһыытынан биллэриэхпин баҕарабын», — диир кини.
— Александра Константиновна, эн аҕаҥ туһунан куруук тыыннаах, аттыгар мэлдьи сылдьар курдук кэпсиигин.
— Кини көстүбэт эрээри, куруук мин аттыбар баар, миигин өйүүр-убуур. Мин кинилиин тиксиһиннэрээччи нөҥүө кэпсэтэбин. Аҕам ойууннууругар кэппит таҥаһын кэтэн утуйан турбутум үһүс хонугар, кинилиин кэпсэтэр буолбутум. Миэхэ уруккуттан билэр дьахтарым кэлбитэ. Туохтан эрэ куттанар курдук тутта-хапта сылдьара, сорох ардыгар ытамньыйан да ылара: «Александра Константиновна, мин хайдах эрэ буоллум, киһи итэҕэйиэ суох курдук», — диэбитэ. Ол кэнниттэн көстүбэт киһини көрөр курдук туора көрөн туран: «Тыыннаах эрдэххинэ миигин кытта тыл ыһыктан кэпсэппэт да этиҥ уонна аннараа дойдуттан миигин тоҕо эккирэтэ сылдьаҕын?!», — диир. Оттон миэхэ туһаайан сэрэнэн-сэрэнэн: «Ити мин эн аҕаҕын кытта кэпсэтэбин. Куруук кини тылын истэбин, бэйэтин бу баардыы көрөбүн. Миигин иирбит диэн психбалыыһаҕа хаайаллара буолуо. Эн миэхэ көмөлөһүөхтээххин!», — диэбитэ. Кэлин билбитим, мин аҕам кини ийэтэ бу кыыһын төрүүрүгэр быыһаабыт эбит. Саҥа төрөөбүт кыыс оҕо хайдах дьылҕаланыан, кимиэхэ эргэ тахсыан, хас оҕолонуон барытын кэпсээн биэрбит. Онто барыта туолбут. Бу үтүө-мааны дьахтары тиксиһиннэрээччи оҥостон, кини нөҥүө миигин кистэлэҥнээх, биллибэт эйгэҕэ киллэрбитэ. Ити курдук мин киһи уйугун булар сиэрин-туомун, ойуун кистэлэҥ малын-салын туһунан элбэҕи билбитим.
— Аҕаҥ ураты дьоҕура эйиэхэ бэриллибитин эрдэттэн билэр этиҥ дуо?
— Оҕо сырыттахпына аҕам мин туспунан «Кыыһым хойут мин суолбун батыһыа» диирин өйдүүбүн. Ким, туох буолуохтаахпын мин дьэҥкэтик өйдүүрүм. Аҕам курдук доруобай, өйдөөх уонна үтүө киһи буолуом диэн үөрэрим. Мин киниэхэ майгынныахпын олус баҕарарым.
Кыра эрдэхпиттэн куруук төбөм ыалдьара, сороҕор уҥан да түһэрим. Эмп үлэһиттэрин оннугар аҕам миигин эмтиирэ. Дьиэбитигэр эһэ төбөтүн тириитин эмэгэт гынан илдьэ сылдьарбыт. Ыарыым киирбит кэмигэр ити тириини миэхэ туттарара. Ыарыы сыйа-баайа ааһан барара. Онтон салгыы утуйан хааларым уонна туга да ыалдьыбат киһи уһуктарым.
— Оҕо сылдьан туох үлэһит буола улаатар ыра санаалаах этигиний?
— Балерина буолуохпун баҕарар этим (күлэр). Оччолого мин оскуолаҕа үөрэнэр эрдэхпитинэ, биһигини нуучча учууталлара үөрэтэллэрэ. Кинилэр араас үчүгэйкээн сурунааллары көрдөрөллөрө, балет туһунан кэпсииллэрэ. Ол кэнниттэн мин улахан куорат аарыма сыанатыгар тахсаммын үҥкүүлүөхпүн олус баҕарарым. Ол саҕана балет туһунан элбэҕи ааҕарым, балет хартыыналарын, хаартыскаларын мунньарым.
Аҕабын кытта сиэттиһэн ыстаҥалыы иһэн бүдүрүйбүппэр аҕам күлбүтэ. «Көнө сиргэ иҥнэҕин уонна өссө үҥкүүлүөххүн баҕараҕын. Суох, эн дьону эмтиэҕиҥ!», — диирэ. Чахчы кини эппитин курдук буолбута. Үҥкүү көннөрү сөбүлүүр дьарыкпар кубулуйбута. 1986 сыллаахха диэри Абый балыыһатыгар үҥкүү ансамбылын салайбытым, устудьуоннуу да сылдьан үҥкүүлээбитим.
— Кистэл буолбатах, сэбиэскэй былаас ойууттарга хаҕыстык сыһыаннаспыта …
— Мин аҕам эмиэ атын ойууттар курдук, ол кэм ыараханын эҥээринэн тэлбитэ. Кинилэр аймахтара, оҕолоро тыҥааһыннаах, ыарахан балаһыанньаҕа ыктарбыппыт. Биһигини «ойуун ыамаларынан» ааттыллара, бултуурга-алтыырга сир биэрбэттэрэ. Күүстээх туоратыы баара. Онтон сылтаан кэргэннииллэр да арахсаллара, оҕолор төрөппүттэриттэн аккаастаналлара. 1932 сыл олунньутугар мин төрүөм алта сыл иннинэ аҕам сэбиэскэй былаас аһара уһуо суоҕун туһунан эппитин иһин кинини Дьокуускайга ГПУ хаайыытыгар укпуттара. Кини: «Бу саҥа былаас аһара уһуо суоҕа. Дьон тыйыс усулуобуйаҕа мунньуммут баар-суох баайа-дуола буолар сүөһүтүн-аһын былдьаан улахан алҕаһы оҥорор», — диэбит.
Биһиги ийэбит Ольга Ивановна быыкаа оҕолордоох соҕотох хаалбытын туһунан кэпсиирэ. Милиция үлэһиттэрэ баардарын барытын былдьаабыттара, аччык-тоҥ олоххо бырахпыттара. Оччолого сэбиэскэй былааһы сууллара сатаабыт ийэм быраатын биэс оҕотун киниэхэ эбии аҕалбыттар. Аҕабын хонбуойдаан илдьэ баралларыгар ийэбэр: «Куттаныма, мин сотору эргиллиэм. Мин кэлэн иһэрбин орто сэргэм чуораана тыаһыырыттан билиэҕиҥ», — диэбит. Ол кэнниттэн сотору буолан баран биир күһүҥҥү түүн ийэм чуораан чугдаарарын истибит. Ол аата кэргэнэ көҥүлгэ тахсыбыт.
— Абый Кырдьаҕаһа НКВД үлэһиттэрин куттаабытын туһунан уостан уоска бэриллибит кэпсээн билигин да баар.
— Аҕабар буруйдуур түмүк оҥоруохтарын иннинэ, НКВД кулуубугар дьон-сэргэ ортотугар кыырарыгар соруйбуттар. Ити биллэн турар, кини дьоҕура сымыйатын, дьон-сэргэ ортотугар түһэрээри гыннахтара дии. Кини кыырыытын муҥутуур чыпчаалыгар кулууп иһигэр халыҥ хаар үллүктүү түспүт. Ол кэнниттэн кини кулуупка эһэни дуу, бөрөнү дуу киллэрэргэ көҥүл көрдөөбүт. Дьон биллэн турар, куттанан аккаастаммыт.
Ити кэнниттэн ураты суолталаах мунньаҕы оҥорбуттар уонна 1932 сыл бэс ыйын 15 күнүнээҕи быһаарыынан аҕабын түрмэттэн босхолообуттар. Инники хаайыыга олорбут кэмин 6 ый диэн аахпыттар.
— Мин оннугу сатыырым буоллар, кинилэри улаханнык куттуох этим!
— Биирдэ аҕабар уочараттаах дьэҥдьиир буолан ааспытын көрөн: «Мин эбитим буоллар, ол милиция үлэһитин кулууп устун сыгынньах сүүрдүөм этэ!», — диэбитим. Ол киһи кэргэнин аҕам экзема ыарыытыттан эмтээбитэ эбээт. Мин ити эппиппин истэн аҕам: «Тоҕо итинник саҥараҕын! Киһиэхэ хаһан да куһаҕаны баҕарбат буол! Араас улахан хомойууттан, кэлэйииттэн үрдүк буол», — диэн саҥа аллайбыта. Кини оннук киһи этэ. Куруук үтүө, куһаҕаны өйдүү-саныы сылдьыбат. Өйдүүрүм тухары мэлдьи мичээрдии сылдьара. Олох очура, ыарахана майгытын-сигилитин хайдах да күлүктээбэтэхтэрэ.
— Оҕолоругар, эһиэхэ, чэпчэки буолбатах этэ эбээт…
— Кырдьык, ыарахан кэмнэр кэлэн ааспыттара. Биһиги арааһа, бөһүөлэккэ олорор бырааппыт да суоҕа быһыылааҕа. Өйдүүрүм тухары күөл кытыытыгар олорорбут. Бөһүөлэк оскуолатыгар үөрэнэр туһугар аймахтарбытынан тарҕанан олохсуйа барбыппыт. Оскуолаҕа үөрэнэ сырыттахпытына, оҕолор да, улахан да дьон сыһыаннара олус ыарахан этэ. Улахан убайбын ойуун оҕотоҕун диэн пионер кэккэтигэр ылбатахтара. Оттон ийэм убайым пионерга киирэригэр анаан ырбаахы тикпитэ. Куруук «ойуун ыамалара» диэн кэннибититтэн хаһытыы хаалар этилэр. Биллэн турар, ытыахпытыгар диэри хомойорбут. Ойуун кыыһыгар сэбиэскэй былаас саҕана чахчы, олус ыарахан этэ. Бэйэм бырааппын көмүскэнээрибин олус кыыһырымтаҕай да буола сылдьыбыт кэмнээҕим. Билигин санаатахпына, ол көмүскэнэр быһыым эбит. Аҕам ону букатын сөбүлээбэт этэ, кыыһырбаппар-абарбаппар сүбэлиирэ. Сороҕор мин кинини төрүт өйдөөбөт этим. Онтон элбэх сыл ааспытын кэннэ «хараҕым аһыллыбыта». Хайдахтаах кудук күүс мин илиибэр баарын, тоҕо хомойууттан, кэлэйииттэн үрдүк буолуохха наадатын кэлин эрэ билбитим.
— Аҕаҥ тыыннаах эрдэҕинэ бэйэтин дьоҕуругар тоҕо үөрэппэтэҕэ буолуой?
— Аҕам миэхэ «Маныаха ким да кими да үөрэппэт”, — диирэ. «Нус-хас олорор, үлэлиир туһугар быраас идэтигэр үөрэн диэн сүбэлээбитэ. Эн аныгы медик буолуоҕуҥ. Оччоҕуна ким да эйиигин миигин курдук сойуолаһыа, атаҕастыа, сэниэ суоҕа. Шура, элбэх кэм-кэрдии суккуллан ааһыаҕа. Икки тыһыынча сыл диэки биһиги туспутунан саныахтара. Учуонайдар эйгэлэрэ биһиги «дьиикэй» үөрэхпитин болҕомтолорун үөһүгэр тутуохтара. Шура, ити кэмҥэ эн тиийиэҥ, ону барытын илэ хараххынан көрүөҥ», — диэбитэ.
— Сотору кэминэн эн хирургияттан тэйбитиҥ …
— Эттэниини ааһан баран мин хирург буолартан аккаастаммытым. Мин саҥа туругум скальпелы илиибэр ыларбын утарбыта. Мин көҥүлэ суох дьону санаа, тыл күүһүнэн эмтиир буолбутум. Аҕам сотору-сотору: «Эһиги сотору ойууннартан үөрэнэр кэмҥит кэлиэҕэ. Таскытыттан туох да уратыта суох буолуоххут, ол эрээри айылҕа үөрэҕэ дууһаҕытыгар-сүрэххитигэр киириэҕэ», — диирэ. Кистэл буолбатах, ойууттар технологиялара психотерапевтар үлэлэригэр туттуллар. Ойууттар үйэлэр тухары киһи психосоматическай кэһиллиитин эмтиир, стреһин устар ньымалары тобулбуттара. Арыгыттан эмтииргэ, сытыы ыарыыны устарга ити ньымалары тутталлара.
Мин аҕам этэрин барытын сурунан испэтэхпиттэн олус хомойор этим. Ол эрээри, билигин кини тиксиһиннэрээччитин кытта кэпсэтэн элбэҕи биллим-көрдүм. Киниттэн кэлэр тыл барыта алгыстаах.
— Оройуон балыыһатын урукку да буоллар, кылаабынай бырааһыттан итинниги истэр дьикти…
— Бу олоххо киһи билбэтэ, дьиктитэ олус элбэх. Былыргы билиибитин-көрүүбүтүн сүтэрбиппит. Урут мин тугу эмэ өйдөөбөтөхпүнэ, аҕам «Айылҕа миигин маннык айбыт. Айылҕа бэйэтэ тугу гынарбын этиэҕэ», — диирэ. Кырдьык, ойуун феноменын өйдүүр, таайар урут да, билигин да уустук.
— Александра Константиновна, аҕаҥ өлүү туһунан этэр этэ дуо?
— Кини өлүү суох диир этэ. Өлүү – атын турукка олох салҕаныыта диирэ. Киһи дууһата көстүбэт эргимтэҕэ сылдьар. Ойууннар айылҕа ытык сокуоннарынан олороллорун туһунан быктарбыттаах. Аҕам тыыннааҕар «Эһиги бу сиргэ соҕотох курдук сананаҕыт дуо? Оннук буолбатах. Аттыбытыгар киһи хараҕар көстүбэт дьон элбэхтэр», — диэбитэ.
Өлүөн иннинэ Үрдүкү Күүстэр түөрт сорудахтарыттан үһүн толорбутун туһунан эппитэ. «Төрдүһү кыайан толорботум. Бу былааһы кыайбатым, кини олус ыарахан. Аннараа дойдуга тиийдэхпинэ, баҕар, өйдүөхтэрэ». Кини этиитин киһи аймах билэрэ, ылынара иннигэр турдаҕа. Ол хаһан буолуо биллибэт.