22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Александр Жирков: Ыһыах – саха норуотун төрүт үгэһэ, баайа, омук быһыытынан уратыта

10:01, 26 июня 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ытыктабыллаах Сахам сирин олохтоохторо! Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын иһинэн Олоҥхо национальнай кэмитиэтин аатыттан эһигини самаан сайын салаллан кэлбитинэн, үрүҥ тунах Ыһыах күнүнэн итиитик эҕэрдэлиибин!


Саха дьоно кыһыны этэҥҥэ туораан, самаан сайыммытын көрсөр, өбүгэлэрбит үгэһинэн Аар айылҕабытыгар сүгүрүйэр, уйгуну-быйаҥы түстүүр бэлиэ күммүт үүннэ. Төһөнөн омук бэйэтин үгэһин тутуһар, сиэрин-туомун ытыктыыр, оччонон кини санаата күүстээх уонна кыахтаах, уйулҕата бөҕө, олоххо дьулуурдаах буолар.

Ыһыах – саха норуотун төрүт үгэһэ, баайа, омук быһыытынан уратыта. Ыһыах суолтата, өйдөбүлэ тэнийэн, сиэрэ-туома ситэриллэн байа, үксүү туруох тустаах.

Быйылгы Олоҥхо ыһыаҕа ыраах Өлүөхүмэ сиригэр-дойдутугар ыытыллыаҕа. Элбэх омуктаах кырдьаҕас Өлүөхүмэ сирэ, дьоно-сэргэтэ өрөспүүбүлүкэ биир улахан тэрээһинин дьоһуннаахтык тэрийэргэ, Олоҥхо ыһыаҕын ыалдьыттарын көрсөргө былааннаммыта ыраатта. Ыһыах Сахабыт сирин биир маанылаах туонатыгар – аатырар Аанньаах хочотугар буолуоҕа. Этэҥҥэ эрэ буоллун!

Саха ыһыаҕа мэлдьитин ил-эйэ, доҕордоһуу туоната, түмсүү түһүлгэтэ буолан, омук быһыытынан олоххо тирэхтээхпитин, инникигэ эрэллээхпитин кэрэһэлии турдун! Саха норуота эбиллэ, үксүү турдун, кыаҕа улаатан, күүһүрэн истин! Кэнчээри ыччаппыт ситиһиилээх, дьулуурдаах, инникигэ эрэллээх буоллун!

Ытыктабыллаах Сахам сирин дьоно! Эһиэхэ хас биирдиигитигэр чөл туруктаах олоҕу, этэҥҥэ буолууну баҕарабын. Сахабыт сирэ сайда, силигилии турдун, дьоммут-сэргэбит дьоллоох-тускулаах буоллун!

А.Н. Жирков, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын иһинэн Олоҥхо национальнай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА