22 Сэтинньи 22.11
  • -22°
  • $ 100,68
  • 106,08

Александр Жирков салайааччылаах бөлөх Мэҥэ Хаҥалас улууһун тутууларын көрдө

16:01, 19 октября 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Мэҥэ Хаҥалас улууһугар тимир суол кэлэн, нэһилиэнньэ олоҕун хаачыстыбатын тупсарыыга аналлаах араас таһымнаах тутуу ыытыллар. Аллараа Бэстээххэ причал оҥоһуллар, Өлүөнэни туоруур муоста тутуута саҕаланар. 


Мэҥэ Хаҥалас улууһун нэһилиэктэригэр эмиэ тутуу эйгэтэ балысханнык ыытыллар. Ил Түмэн бастакы вице-спикерэ Александр Жирков миэстэтигэр тиийэ сылдьан, үлэни көрөн баран маннык бэлиэтээтэ: “Мэҥэ Хаҥалас улууһугар балайда ыгым кыраапыктаах тутуулар бара тураллар. Кэлэр сылларга былааммыт эмиэ улахан. Онон 2019-2020 сылларга үлэҕэ киириэхтээх тутуулар көрүллүбүт болдьохтон уһуо, кэлэр сылларга саҕаланыахтаах тутуулары мэһэйдиэ, атахтыа суохтаахтар. Өрөспүүбүлүкэ салалтата, улуус дьаһалтатын кытта тутууга бытаарыы инникитин тахсыбатын туһугар дьулуһар. Онон, тэҥнэнэн көрөбүт, итэҕэс-быһаҕас кэмигэр туоратылларын туһугар”, — диэтэ.

Бу дьыл алтынньы ый 15 күнүгэр Александр Жирков, Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Николай Старостин, Ил Тумэн тыа сиригэр уонна аграрнай политикаҕа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Находкин, Мэҥэ Хаҥаластан Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай дьокутаата Юрий Баишев, улуустааҕы үөрэх управлениетын начальнига Ирина Черкашина Балыктаах, Төҥүлү, Тумул нэһилиэктэригэр уонна Аллараа Бэстээх бөһүөлэгэр сырыттылар.

Балыктаах бөһүөлэгэр тутулла турар 150 миэстэлээх саҥа таас оскуоланы Василий Пинигин салайар “Электромонтаж” ХЭТ бэдэрээттэһэн тутар. Үлэ түмүктэнэн эрэр. Төҥүлүгэ 140 миэстэлээх уонна Аллараа Бэстээххэ 240 миэстэлээх оҕо уһуйааннара 2015-2016 сыллардаахха судаарыстыбаннай уонна чааһынай үлэлэһии чэрчитинэн тутуулара саҕаламмыттара. Тутааччылар дьалаҕайдарыттан, үлэлэрин ситэри толорботохторун түмүгэр үгүс харгыстар үөскээн, бытаарыы тахсыбыта.

Улуус баһылыга Николай Старостин этэринэн, билигин оҕо уһуйааннарын тутуутугар саҥа бэдэрээччиттэр үлэҕэ ылыстылар. Бу икки улахан күүтүүлээх тутуу ахсынньы ыйга түмүктэнэн, хамыыһыйаҕа туттарыллыахтаахтар. Тумул бөһүөлэгэр баһылык Николай Сивцев нэһилиэк, улуус кыттыһан 15 миэстэлээх интернат туппуттарын көрдөрдө. Маны таһынан Тумулга успуорт саалата өрөмүөннэннэ, эбии кэккэлэһэ саҥа тустуу саалата тутулунна. Аны Аллараа-Бэстээххэ кыһыннары үлэлиир бассейнаах баараҕай успуорт комплексын тутуута түмүктэнэн эрэр. Манна үлэ тэтимнээхтик барар. Билигин эбийиэк үбүлээһинин, итиитин, ким бас билиитиигэр киирэрэ, үлэлиир дьонун уонна да атын тэрээһин боппуруостар быһаарыллаллар.

Ил Түмэн вице-спикерэ салайар бөлөҕө бу сырыы түмүгүнэн улуус дьаһалтатын кытта сүбэ мунньах оҥордо. Ситэ быһаарыллыбатах боппуруостары кэлэр нэдиэлэҕэ бырабыыталыстыба таһымыгар дьүүллэһэргэ этилиннэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА