Күндү Сахам сирин дьоно!
Эһигини барыгытын кэлэн иһэр саргылаах Саҥа Дьылынан эҕэрдэлиибин!
Үгүспүтүгэр даҕаны түһүүлээх-тахсыылаах, уларыйыылардаах, үтүө да ыарахан да түгэннэрдээх сыл ааһан эрэр. Сахабыт сиригэр айылҕа охсуутун содулун туоратыыга дьон-сэргэ биргэ түмсэр, бэйэ бэйэҕэ көмөлөсүһэр дьоҕурун сүтэрбэтэҕин көрдөрдө. Кыһарҕаннаах кэмҥэ өрөспүүбүлүкэ салалтатын, бэйэтин Ил Дарханын күүскэ өйөөтө. Ааспыт сыл уотуттан-курааныттан, дьаҥыттан-дьаһаҕыттан биһиги ордук түмсүүлээх, эһиилги сылга ордук күүстээх эрэллээх тахсан эрэбит. Билигин этэҥҥэ кыстыгы туоруохтаахпыт.
Үүнэр сылга өрөспүүбүлүкэбит 100 сылын бэлиэтиэҕэ. Судаарыстыбаннаһы туруулаһыы, судаарыстыбаннаһы бөҕөргөтүү, судаарыстыбаннаһы сайыннарыы туһугар мөккүөн биир да күн тохтуо, аҕырыйыа суохтаах. Биһиги кэннибититтэн бу соругу ыччаттарбыт илдьэ хаалыахтаахтар. Дьоһуннаах солбук буолуохтаахтар.
Ытык-мааны сахам дьоно! Кэлэр сыл ааспыттааҕар ордук буоллун! Ууга-уокка ылларымаҥ, дьаҥҥа-дьаһахха хаптарымаҥ, сүтүмэҥ-уостумаҥ! Элбээн-чэчирээн иһиҥ!
Саҥа үүнэр сылынан!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы А. Жирков