22 Сэтинньи 22.11
  • -25°
  • $ 100,68
  • 106,08

Александр Жирков Көс цивилизация киинин арыйыыга кыттыыны ылла

09:47, 02 августа 2017
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Алтаай цивилизацията уонна алтаай уруулуу тыллаах сомоҕо норуоттара» Аан дойдутааҕы форум чэрчитинэн Кыргызстан Өрөспүүбүлүкэтин Иссык-Куль уобалаһын Чон-Саря-Ой сэлиэнньэтигэр Курманжан Датка аатынан Көс цивилизация киинэ үөрүүлээхтик арылынна.


Кыргызстан Өрөспүүбүлүкэтин Президенэ Алмазбек Атамбаев, Башкортостан Өрөспүүбүлүкэтин Баһылыга Рустэм Хамитов, Россия Федерациятын Федеральнай Мунньаҕын Судаарыстыбаннай Думатын дьокутаата Иван Белеков уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков Культура киинин арыйыы үөрүүлээх түгэнин лиэнтэтин кырыйан бастакынан киирдилэр.

Ити кэнниттэн ытык ыалдьыттар «Алтаай көс сирэ» экспозицияны кытта билистилэр. Кыргызстан Баһылыга Алмазбек Атамбаев Кыргызстаҥҥа туризмы сайыннарыыга тустаах кылаатын киллэрэр өссө биир историческай музей аһыллыбытын иһитиннэрдэ уонна: «Бүгүн биһиги улахан комплекс биир эрэ павильонун арыйдыбыт. Атырдьах ыйын бүтүүтүгэр эбэтэр балаҕан ыйын саҕаланыытыгар «Кыргыз көс сирэ» павильону тутуу сабаҕаланар. Онуоха кэккэ дойдулар, ол иһигэр Татарстан, Башкортостан салайааччылара, бу музей сиригэр-уотугар бэйэлэрин павильоннарын туруорар туһунан санааларын биллэрдилэр», – диэтэ. Президент Көс цивилизация киинэ норуокка «алайскай сарыысса» диэн билиниллибит, кыргыз норуотун XIX үйэтинээҕи историятыгар киирбит Курманжан Датка аатын ылара мээнэҕэ буолбатах диэн бэлиэтээтэ уонна: «Мин, кэлин Финляндия Президенэ буолбут, полковник Маннергейм 1906 с. Курманжан Датканы кытта көрсүбүтүн уонна кинини хаартыскаҕа түһэрбит түгэнин көрдөрдүм. Биир ураты хаартысканан, кини сарыыссаны ат үрдүгэр олорорун түһэриэн баҕарарын биллэрбитигэр, 96 саастаах Курманжан Датка ат үрдүгэр холкутук тахсан олорон түспүт хаартыската буолар. Курманжан Датка – Кыргызстан сирэ-уота Россия историятыгар холбонор былдьаһыктаах кэмигэр бэйэтин норуотун салайбыт, сирдээбит, биһиги омукпутугар легендарнай суолталаах хотун дьахтар көс омук дьиҥнээх чаҕылхай бэрэстэбиитэлэ буолар. Бу – көс омуктар көҥүлгэ, социальнай өттүнэн тэҥ сыһыаҥҥа дьулуһалларын туоһулуур», – диэтэ.

Кыргызстан Өрөспүүбүлүкэтин Президенэ Алмазбек Атамбаев кыргызтар үйэлэр тухары элбэх омуктаах норуот буолалларын уонна норуот күүһэ – сомоҕолоһуу буоларын бэлиэтээн туран: «Мин биир дойдулаахтарбын сомоҕолоһоллоругар ыҥырабын. Быстах утарсыылары умнан, биһиги дириҥ историябыт, культурабыт уонна үгэспит ситимниир доҕордуу норуоттарбытын өйдүөх тустаахпыт», – диэн эттэ.

Итинтэн салгыы Кыргызстан Өрөспүүбүлүкэтин Президенин бөлөҕө Алтаай түүр тыллаах омуктарын бэрэстэбиитэллэрэ хомуйбут юрталарын кэрийэ сылдьан көрдө. Кинилэри искусство маастардара үөрэ-көтө көрүстүлэр. Алмазбек Атамбаев, Рустэм Хамитов, Иван Белеков Александр Жиркову кытта Кыргызстаҥҥа олорор саха дьоно тэрийбит остуолларыгар ыалдьыттаатылар. Кыргызстаҥҥа олохтоох сахалар үрдүк ыалдьыттарга сахалыы таҥаһы, киэргэли, туттар малы көрдөрдүлэр, Кыргызстан Президенин, Башкортостан Баһылыгын, Ил Түмэн спикерин Александр Жиркову уонна профессор Василий Илларионовы саха лэппиэскэтинэн күндүлээтилэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА