Саха Сирин норуоттарын VIII спортивнай оонньууларын үөрүүлээхтик түмүктүүр тэрээһиҥҥэ Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков биир дойдулаахтара күрэхтэһиини үрдүк таһымҥа тэрийэн ыыппыттарыгар, итиэннэ Уус Алдан бастакы хамаандата кыайыылаах буолбутун иһин махтанна, бу туһунан Саха парламент суруйар.
— Ытык мааны ыалдьыттар, күндү биир дойдулаахтарым! Биһиги өр күүппүт спортивнай оонньууларбыт бүгүн түмүктэнэр күнэ үүннэ. Мин үс суолу бэлиэтиэхпин баҕарабын.
Бастатан туран, төрөөбүт-үөскээбит Уус Алдаммыт сирэ ыраастанан, бэлэмнэнэн уонна, мин саныахпар, тэрийээччилэри, олохтоохтору төһө үчүгэйдик бэлэмнэммиттэрин тургутан көрдө. Ол тургутууну этэҥҥэ аастыбыт. Ыраастанныбыт, дьоммутун-сэргэбитин туох да сүрдээх үчүгэйдик көрүстүбүт. Ити бастакы кылаан соругу чиэстээхтик толордубут – хаһаайыттарга, дьиэлээхтэргэ махтал!
Иккис кылаан сорук — бу күрэхтэһиигэ уус алданнар өбүгэбит аатын түһэн биэрбэт гына дьоһуннаахтык кыттыахтаахтар диэн этэ. Ити кылаан соругу толору толордубут.
Үсүһүнэн, Мүрү сиригэр, Бороҕоҥҥо, Уус Алдаҥҥа күрэхтэһэ кэлбит улуустар бэрэстэбиитэллэригэр, хамаанда чилиэннэригэр хас биирдиилэригэр кэлбиккитигэр, киирсибиккитигэр махтанабын. Бу күрэхтэһиини өйгүтүгэр-санааҕытыгар илдьэ сылдьыҥ, бу Оонньуулар үрдүккэ кынаттаатыннар!
Манна даҕатан түмүгү эттэххэ:
Бастакы бөлөх:
1 Дьокуускай
2 Мэҥэ Хаҥалас
3 ХИФУ
Иккис бөлөх
1 Уус Алдан бастакы хамаандата
2 Чурапчы
3 Нам
Үһүс бөлөх:
1 Горнай
2 Кэбээйи
3 Томпо
Төрдүс бөлөх:
1 Өлөөн
2 Эдьигээн
3 Муома