ХИФУ аналитикаҕа уонна наукаҕа ректоры солбуйааччыта Александр Кугаевскай эппитинэн, «Бүлүү» федеральнайдааҕы айан суолугар Саһар Үрэх, Улахан Муҥур, Кыра Ботуобуйа, Түүкээн үрэхтэри туоруур муосталары үлэҕэ киллэрии — өрөспүүбүлүкэҕэ олус суолталаах.
“Бастатан туран, транспорт сайдыытыгар ылыллыбыт стратегия толоруллар. Төһөнөн элбэх муостаны тутабыт да, соччонон дьон сылы эргиччи суоллаах, таһаҕаһы тиэйиигэ-таһыыга хааччахтааһын суох буолар. Бу федеральнайдааҕы суолталаах суоллары тутуу сүрүн соруга. Экономикабытыгар, олохпут хаачыстыбата тупсуутугар олус туһалаах”, — диэтэ Александр Кугаевскай.
Кини эбэн эппитинэн, Саха сиригэр өссө биир бөдөҥ бырайыак баар — Өлүөнэ эбэни туоруур муоста тутуута. Бу модун тутуу Саха сирин нэһилиэнньэтин 70% сылы эргиччи суолунан хааччыйыахтаах.