Россия Илиҥҥи сайдыытын министиэристибэтэ Уһук Илини сайыннарыыга саҥа торуму олоххо киллэрэр, ити Азия-Чуумпу акыйаан дойдуларыгар бэлэм табаары таһаарыыга, инвестицияны тардыыга, дьоҕус уонна орто урбааны сайыннарыыга, урутаан сайдар сири-уоту тэрийиигэ олоҕурар.
Бу туһунан миниистир Александр Галушка коллегия түмүктүүр мунньаҕар иһитиннэрдэ. Кини этэринэн, бу модель хайы-үйэ Россия бырабыыталыстыбатын 30 аныгы сокуонугар уонна 150 актатыгар олоххо киирдэ. “Итилэр истэригэр уустук, саҥаны киллэрэр, урутаан сайдар сир-уот туһунан сокуон, Владивосток көҥүл пордун туһунан сокуон, уот тарыыптарын аччатыы, омук туристарыгар электроннай виза тустарынан. Бу сокуоннар барыта үлэлээтилэр”, — диэн Россия Илиҥҥи сайдыытын министиэристибэтин баһылыга быһаарда.
Маны сэргэ коллегияҕа 2018 сыл уонна кэлэр 6 сыл соруга чопчуланна. Бу соруктар Россия илиҥҥи сирин-уотун кимиилээхтик сайыннарыыга төһүү буолуохтара.