Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын государственнай академията тыа хаһаайыстыбатын урукку миниистиригэр биэрбит үөрэх туһунан докумуонун иһин эппиэтинэһи сүгэр. Итинник санааны СӨ баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын каадыр политикатыгар департаменттан СИА-ҕа эттилэр.
Каадыр сулууспатыгар, коррупция уонна онтон да атын быраабы кэһии департаменыгар, бэчээккэ тахсыбыт ыстатыйалары Егор Борисов үөрэтэн, ырытан көрөн баран Александр Артемьевы тыа хаһаайыстыбатын миниистирин дуоһунаһыттан тохтоппута.
«Бырабыыталыстыба структуратыгар уларыйыылар, ол эбэтэр бэрэссэдээтэли солбуйааччы миниистир дуоһунаһын хардарыта дьүөрэлиир бэрээдэгэ киирбитинэн маннык быһаарыы ылыллыбыт», — диэн каадыр политикатын департаменыттан иһитиннэрдилэр.
Өрөспүүбүлүкэ прокуратурата официальнай пресс-релиһигэр Александр Артемьев үрдүк үөрэх икки дипломун сокуоннайа суох ылбытынан миниистир дуоһунаһыттан тохтотуллар диэн суруйар.
Каадыр политикатын департамена 2014 сыллаахха бырабыыталыстыбаны үөскэтиигэ дуоһунаска сорунааччылар бука бары тустаах бэрэбиэрэкэни ааспыттар, ол иһигэр үрдүк профессиональнай үөрэхтээһин иһин ылбыт дипломнаахтара. Онно Артемьев ДьТХА государственнай дипломун биэрбит.
Былырыын бэс ыйыгар бэчээккэ миниистир дипломун туһунан суруйуу тахсыбытын кэнниттэн СӨ баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын дьаһалтата бэрэбиэрэкэ ыыппыт.
«Биһиги ыйытыкпытыгар ДьТХА, ректор Владимирова Л.Н. илии баттааһыннаах докумуона Артемьев идэлээх дьону бэлэмниир стандартка ыйыллар үөрэх бары ирдэбилин толорбутун туоһулаабыта. Үрдүк үөрэх диплома киниэхэ государственнай аттестационнай хамыыһыйа быһаарыытынан бэриллибит. Ол иһин, академия докумуону биэрии иһин эппиэтинэһи сүгэр», — диэн департаментан эттилэр.