Атырдьах ыйын 23 күнүгэр Алдан оройуонун Аллараа Кураанах бөһүөлэгэр 9 саастаах уол массыынаҕа киирэн биэрэн, реанимацияҕа түбэспит.
Саха сирин ГИБДД-гар оҕо электросамокатынан айаннаан истэҕинэ, «Тойота- Корола-Румион» массыынанан 1983 с. төрүөх суоппар үнтү көппүтүн туһунан иһитиннэрии киирбит. Оҕону .
Суһал көмө оҕону тута Алданнааҕы балыыһа приемнай отделениетыгар аҕалбыт, ол гынан баран быраастар көрбүттэрин кэннэ реанимационнай отделениеҕа киллэрбиттэр.
Суоппар 2009 сылтан массыына ыытар ыстаастаах, суол быһылаана буолар кэмигэр өйдөөх сылдьыбыт. Сыл иһигэр түөрт төгүл массыынаны аһары түргэнник ыытарын иһин уонна икки төгүл массыынатын страховой полиһа суох сүүрдэрин иһин эппиэтинэскэ тардыллыбыт.
Суол быһылаана тахсыбыт чахчытынан бэрэбиэркэ ыытыллар.