24 Сэтинньи 24.11
  • -23°
  • $ 102,58
  • 107,43

Алдаҥҥа кыһыл көмүһү хостооһуну элбэтэр былааннаахтар

Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

2028 сылга Алдан оройуона сылга 25–30 туоннаҕа диэри кыһыл көмүһү хостуур былааннаах. Онно саҥа технологиялар, сири таҥастааһын уонна Саха сирин уонна дойду бырабыыталыстыбаларын өйөбүллэрэ көмөлөһүөхтэрэ.

Ол туһунан ЯСИА-ҕа бырабыыталыстыба отчуотун кэмигэр нэһилиэнньэҕэ оройуон баһылыга Александр Шестопалов иһитиннэрдэ.

«Биһиги оройуоммут инникитэ промышленноһы кытта ыкса сибээстээх. Былырыын 17 туонна кыһыл көмүһү хостообуппут. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 50 туоннаны куоһарбыппыт.  Регион кыһыл көмүһү хостооһуҥҥа Уһук Илиҥҥэ бастакы, дойдуга иккис миэстэҕэ турар. Былааҥҥа Алдан оройуонугар сиртэн хостонор баайга күүскэ үлэлиэхпит», — диэтэ Шестопалов.

Баһылык бэлиэтээбитинэн, бырабыыталыстыба отчуота нэһилиэнньэлээх пууннарга уонна тэрилтэлэргэ сырытта. «Алдан олохтоохторун олох-дьаһах эйгэтэ интэриэһиргэтэр — бу ититии ситимэ, уу, канализация, ыраастыыр сооружениелары тутуу, доруобуйа харыстабылын боппуруостара», — диэтэ кини.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА