П.А.Ойуунускай аатынан Саха академическай театра уонна Олоҥхо театра олунньу 13 күнүгэр «Саха» НКИХ ханаалыгар «Алампа таптала» диэн кэнсиэри көрдөрдө. Онлайн-биэрии төрөөбүт тыл күнүгэр, сурук-бичик күнүгэр ананна.
Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылын көрсө уонна Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүгэр анаан сахабыт тыла, литературата, театральнай искусствота, ураты эйгэтэ олохтоноругар сүҥкэн кылааттаах Саха театрын маҥнайгы дириэктэрэ, үйэлээх тапталы таҥара гынан үҥпүт улуу поэт Анемподист Софронов – Алампа хоhооннорунан холбоhуктаах бырайыак истиҥ ырыа, нарын иэйии, айар эйгэ абылаҥын бэлэхтээтэ, диэн СИА-ҕа суруйда Саха академическай театрын пресс-сулууспата.
«Саха уһулуччулаах поэта Алампа хоһоонноро ырыа буолан, музыка доҕуһуолланан, киэҥ эйгэҕэ тахсаллара кини мэлдьи тыыннааҕын туоһулуур. Мин санаабар, кэнсиэр кэннэ көрөөччүлэр Алампаны саҥаттан арыйыахтара. Биллэн турар, сонун бырайыак буолан олуһун долгуйабыт уонна бэйэбит да сахабыт дьоно ырыанан дьүһүйүүнү хайдах ылыныахтарай диэн толкуйга сылдьабыт», – диэтэ бырайыак ааптара Руслан Тараховскай кэнсиэр иннигэр.
Кэнсиэргэ Саха театрын сүрүн режиссера, СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ Руслан Тараховскай айбыт матыыптарынан Саха театрын уонна Олоҥхо театрын артыыстарын истиҥ иэйиилээх толоруулара истилиннилэр. Тэрээһини тыыннаах дорҕоон доҕуһуолунан киэргэтилиннэ. Иванида Бугулова, Вероника Лыткина, Прокопий Сыроватскай, Дьарааһын Павлов уонна Дмитрий Готовцев кыттыыны ыллылар.