Алаһыай нэһилиэгэ, 90 саастаах үбүлүөйдээх тэрээһиннэрин саха норуотун сиэринэн, ат сүүрдүүтүн күрэҕинэн саҕалаата.
Санатан эттэххэ, ат сүүрдүүтэ улууспутугар, Өлөөкө Күөллээҕи сылгы Собуота төрүттэммитэ 25 сыллаах үбүлүөйдээх тэрээһиннэрин чэрчитинэн, Бастакы Хаҥалас нэһилиэгэр 2015 сыллаахха ыытыллыбыта.
Дьэ быйылгы Алаһыай нэһилиэгин үбүлүөйдээх бырааһынньыгын көҕүлүттэн туппут чаҕылхай түгэннэриттэн, буруолуу сылдьар сонуннартан кылгастык наардаан ааҕааччыларбытыгар сырдаттахха, маннык.
Үбүлүөйдээх тэрээһин муус устар 6 күнүттэн сарсыарда 11 чаастан саҕаланна.
⚜️Бырааһынньык үөрүүлээх аһыллыытын чэрчитинэн, улуустааҕы норуот маастардарын, нэһилиэктэр устуоруйаларын, илиилэригэр дьоҕурдаах иистэнньэҥнэр быыстапкалара тэрилиннэ. Өлөөкө Күөллээҕи сылгы Собуота оҥорон таһаарбыт бородууксуйатынан быыстапка-дьаарбаҥка тэрийдэ.
Алаһыай олохтоохторо кэлбит ыалдьыттары бука барыларын сибиэһэй сылаас эт миининэн, итии чэйинэн буор босхо күндүлүү турдулар.
Улуу тэрээһин, Алаһыай эбэ бэйэтэ арчылыы, араҥаччылыы турарын курдук ыраас, сылаас аһаҕас халлаан анныгар уурбут-туппут курдук дьоһуннаахтык тэриллэн ааста.
Үөрүүлээх быһыыга-майгыга үс анал байыаннай дьайыыттан уоппускаҕа кэлэ сылдьар уолаттарга Алаһыай нэһилиэгин баһылыга А.Н.Сивцев саха быһаҕын бэлэх уунна.
Ат сүүрдүүтүн күрэҕэр 3 нэһилиэк (Арҕахтаах, Эбээх, Өлөөкө Күөлэ) кытынна.
Аттар 2400, 1600, 800м. дистанцияҕа сүүрдүлэр. Күрэҕи, Алаһыайтан тардыылаах, улууска билинэр спортивнай коментаторбыт Алексей Тарасов иилээн-саҕалаан ыытта.
Дьэ, ыһыылаах-хаһыылаах, сонун тэрээһин түмүгэ маннык буолан таҕыста:
2400 м дистанцияҕа 6 ат сүүрдэ.
3м – Доҕор диэн атынан Егор Носов (Арҕахтаах): 4,27,86
2м- Циркач, Николай Бубякин (Өлөөкө Күөлэ): 4,27,16
1м — Морхооччук, Василий Садовников (4,15) (Арҕахтаах)
Бириистэри Алаһыай нэһилиэгин олохтоох дьаһалтата успуонсардаата
1600 м.
3м- Боби, Владимир Созонов (Эбээх): 2,51
2м- Уолан, Платон Садовников (Арҕахтаах): 2,47
1м- Малыш, Иннокентий Винокуров (Өлөөкө Күөлэ) 2,45
Успуонсар: Улуустааҕы тыа хаһаайыстыбын управлениета
800м.
3м- Чыычаах, Николай Шадрин (Эбээх): 1,26
2м- Чаҕыл, Иннокентий Винокуров (Өлөөкө Күөлэ): 1,26
1м- Айхал, Василий Садовников: (Арҕахтаах) 1,25
Успуонсар: Бастакы Хаҥалас нэһилиэгин дьаһалтата
Абсолютнай күрэххэ 3200м дистанцияҕа, кэннигэр 6 аты ырааҕынан хаалларан, бастакынан Василий Садовников (Арҕахтаах) Уоланынан көтүтэн кэлэн, Өлөөкө Күөллээҕи сылгы Собуота туруорбут сүрүн бирииһин, «Лидер» снегоход хаһаайынынан буолла.
Илин кэлин түсүһэн, иккиһинэн, Егор Носов (Арҕахтаах) Муҥурдьайынан сүүрдэн кэллэ, үсүһүнэн Николай Шадрин салайыытынан Эбээх ата Чээчин финишка үктэннэ👏.
Алаһыай нэһилиэгин дьаһалтатын уонна Успуонсардар ааттарыттан «Көрөөччү биһирэбилэ» анал аатынан эдэр сүүрдээччи Николай Бубякин (Өлөөкө Күөлэ), «Лучший жакей» Василий Садовников (Арҕахтаах), «Аҕа саастаах сүүрдээччи» Николай Шадрин (Эбээх) наҕараадаланнылар.
Маны сэргэ ат сүүрдүүтүн успуордун бэтэрээннэрин, үлэ бастыҥнарын дьиэ кэргэттэрин, аймахтарын, доҕотторун ааттарыттан бастыҥ сүүрдээччилэргэ ахсаана биллибэт элбэх махтал, биһирэбил, хайҕал суруктар, сыаналаах бэлэхтэр, сэртипикээттэр туттарылыннылар.
Дьэ уонна уопсай боротокуол түмүгүнэн, хамаанданан көрүүгэ — үбүлүөйдээх Кубок Алаһыайдарга бэйэлэригэр хаалла, иккис миэстэҕэ Өлөөкөлөр таҕыстылар, үһүс миэстэнэн Эбээхтэр биһирэннилэр.
Кэлэр сылга Өлөөкө Күөлүн сылгы Собуота төрүттэммитэ 35 сылыгар аналлаах Ат сүүрдүүтүн тэрээһиннэригэр бу ааттары кэтээн көрүөхпүт, истиэхпит.
Маны сэргэ бырагыраама быһыытынан 12 тимир көлө-буран сырыста.
Күрэх быраабылатын быһыытынан, кыттааччылар ыллылар да гаастарын баттаабатылар, бураннарыгар 30 миэтирэлээх тэйиэс сиртэн сүүрэн кэлэн, икки сүмэччитин холбоон, дьэ айаннатар диэн буолла.
Көрөөччү ыһыыта, уксуу мааныта, дьэ… сэргэх күрэс буолла…
Хоту дойду хоһуун хорсун уола, тимир көлө барахсан эрэбилэ дьэ манна көһүннэ.
Түмүккэ бастакынан Платон Садовников (Арҕахтаах) тахсан, буран «Лифан» двигателинэн наҕараадаланна. Киниттэн арыый хаалан, 2с миэстэҕэ — Николай Колесов, үсүһүнэн — Иннокентий Татаринов, Өлөөкө уолаттара кэллилэр.
Сотору кэминэн, эрэдээксийэ тех.эрэдээктэрэ Алена Кокорина оҥорбут киэҥ араҥаҕа тахсыаҕа, Саргылана Кокорина, @khalymadolgunnara