Бэс ыйын 7-8 күннэригэр Хаҥалас улууһун Улахан-Аан сэлиэнньэтигэр, айылҕаттан айдарыылаах, саха эстрадатыгар чаҕылхай сулус буолан күлүмнээн ааспыт Александр Самсонов Айыы Уолунсырдык аатыгар тэрээһин буолла. XII төгүлүн ыытыллар «Бу Орто дойдуга ыллаары кэлбитим» өрөспүүбүлүкэтээҕи ырыа күөн-күрэһэ ырыа куттаах дьону биир түһүлгэҕэ түмтэ.
Дьылҕа Хаан ыар ыйааҕынан Айыы Уола төһө да кылгас, ол эрэн чаҕылхай олоҕу олорон аастар, бэйэтин кэнниттэн бар дьонугар уостан түспэт ырыалары бэлэх гына хаалларбыта.
Үөрүүлээх тэрээһин үгэс курдук Александр Самсонов күн сирин көрбүт, тэлэһийэ көппүт төрүт түөлбэтигэр, таас хайа тэллэхтээх, үтүө үлэһит дьонноох Улахан-Аан сэлиэнньэтигэр буолан ааста.
Тэрээһин маҥнайгы күнэ үөрүүлээх чааһа Айыы Уола “Сардаана” ырыатын доҕуһуолугар туруорбут, биир дойдулаахпыт Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ Римма Моисеевна Григорьева “Сэргэчээн” ансаабыла үҥкүүтүнэн, ааспыт сыллар күрэстэр кыайыылаахтара, олохтоох ырыаһыттар кыттыылаах эҕэрдэ кэнсиэрэ буолла.
Эҕэрдэ тыл эттилэр 2-Малдьаҕар нэһилиэгин аҕа баһылыгаАлександр Степанович Алексеев, Хаҥалас улууһун култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга салататын салайааччыта, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна Фекла Романовна Варламова. Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, «Бу Орто дойдуга ыллаары кэлбитим» бырайыак көҕүлээччитэ «Арчы Дьиэтэ» норуот айымньытын киинин салайааччыта Лидия Васильевна Харитонова Александр Самсонов сырдык аатын үйэтитэр сыалтан күрэс хайдах тэриллибитин туһунан сырдатта. Бу сыллар тухары Айыы Уолун аата киэҥ сиринэн тэлэһийэ көтөрүгэр, кини ырыалара, аата үйэлээх буолуутугар сыралаах үлэни оҥорбут киһибитинэн буолар Александр Самсонов күн-күбэй ийэтэ Марфа Иннокентьевна Самсонова. Кини мустубут дьоҥҥо, истиҥ эҕэрдэ тылларын эттэ, оҕотун санаан, кини эппит тылларын, ыра санаатын санаан, уйадыйа аҕынна.
Быйылгы күрэххэ уопсайа 15 кыттааччы өрөспүүбүлүкэбит араас муннуктарыттан ылбаҕай ырыа кэһиилээх кэлэн кытыннылар. Тэрээһин барыта холбоон үс бөлөххө арахсан ыытылынна. 1 бөлөх — 10-15 саастаахтарга, 2 бөлөх — 16-20 саастаахтарга, 3 бөлөх — 21-45 саастаахтарга.
Күрэс уопсайа үс түһүмэҕинэн ааста. 1 түһүмэх — Айыы Уолун репертуарыттан ырыа, 2 түһүмэх — көҥүл ырыа, 3 түһүмэх — авторскай ырыа.
Кыттааччылар үгүстэрэ үс түһүмэххэ бэлэмнэнэн ситиһиилээхтик кытыннылар. Бары ырыаны ымыы оҥостон, мааны куоластаах дьон тоҕуоруһан Улахан-Аан олохтоохторугар истиҥ, умнуллубат күнү бэлэхтээтилэр.
Күрэх түмүгэр 1 бөлөххө: 10-15 саастаахтарга
3 үрдэл — Айастаан Кузьмин (Хаҥалас улууһа, Тиит—Арыы сэл.)
2 үрдэл — Кристина Латышева (Хаҥалас улууһа, Улахан-Аан сэл.)
1 үрдэл — Павел Прокопьев (Дьокуускай куорат, Маган бөһ.) Айыы Уолун бииргэ үөрэммит доҕотторун уонна аймахтарын анал бирииһин тутта.
3 үрдэл — Самит Григорьев (Хаҥалас улууһа, Нөмүгү нэһ.)
1 үрдэл — Самира Архипова (Хаҥалас улууһа, Уулаах-Аан сэл.)
2 бөлөххө: 16-20 саастаахтарга
1 Үрдэл — Максим Назаров (Нам улууһа, Хамаҕатта нэһ.) Олохтоох МПЧ тэрилтэ туруорбут анал бирииһинэн наҕараадаланна.
3 бөлөххө: 21-45 саастаахтарга.
3 Үрдэл — Виктория Гаврильева (Хаҥалас улууһа, Улахан-Аан сэл.)
2 Үрдэл — Владимир Сметанин (Кэбээйи улууһа)
1 Үрдэл — Сандра Матвеева (Хаҥалас улууһа, Тумул сэл.)
3 Үрдэл — Анастасия Третьякова (Дьокуускай куорат), Айыы Уолун ийэтэ Марфа Иннокентьевна Самсонова туруорбут анал бирииһинэн наҕараадаланна.
2 Үрдэл — Айыына Ильина (Дьокуускай куорат) “Бөртө” конезавод туруорбут бирииһинэн наҕараадаланна.
1 Үрдэл — Альберт Третьяков (Орто-Халыма улууһа) Хаҥалас улууһун “Арчы Дьиэтэ” норуот айымньытын киинэ олохтообут ДНС маҕаһыынтан 10 000 солк сертификатынан, ону тэҥэ Муусука уонна фольклор түмэлин анал сертификатынан наҕараадаланна.
«Кылаан Чыпчаал» хаһаайына буолла уонна олохтоох 2-Малдьаҕар дьаһалтата олохтообут 50 000 солк. ДНС маҕаһыынтан сертификатынан, Хаҥалас улууһун култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга салалтата олохтообут 20 000 солк ДНС маҕаһыынтан сертификатынан, ону тэҥэ «Аан-Аартык” культура киинэ олохтообут 30 000 солк ДНС маҕаһыынтан сертфикатынан наҕараадаланна.
12 төгүлүн ыытыллыбыт «Бу Орто дойдуга ыллаары кэлбитим» Айыы Уолун аатынан ырыа күрэҕэр күүс-көмө буолбут бар дьоммутугар дириҥ махталбытын тириэрдэбит. Ол курдук тэрээһини үҥкүүнэн киэргэппит Дьокуускай куорат 2-нүөмэрдээх Оҕо ускуустубатын оскуолатын «Сэргэчээн» оҕо образцовай үҥкүү ансаамбылыгар, уус-уран салайааччы, биир дойдулаахпыт, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратыр үтүөлээх үлэһитэ Римма Моисеевна Григорьеваҕа. Тэрээһини көҕүлээн ыыппыт олохтоох дьаһалтаҕа, Аҕа баһылык Александр Степанович Алексеевка. Хаҥалас улууһун култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга салалтатыгар, салайааччы Фекла Романовна Варламоваҕа, Муусука уонна фольклор түмэлигэр, салайааччы Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна Мария Ильинична Корниловаҕа, Хаҥалас улууһун “Арчы Дьиэтэ” норуот айымньытын үлэһиттэригэр, салайааччы Лидия Васильевна Харитоноваҕа, М.Е. Васильева аатынан 2-Малдьаҕар орто оскуолатыгар, директор Григорий Григорьевич Сысоевка, Александр Самсонов бииргэ үөрэммит үөлээннээхтэригэр уонна Александр Самсонов – Айыы Уолун күн-күбэй ийэтигэр Марфа Иннокентьевна Самсоноваҕа, “Аан-Аартык” култуура киинин бары үлэһиттэригэр, иилээн-саҕалаан тэрийбит, бар дьону үөрэ көрсүбүт, мааны астаах сандалыны таппыт Далбар Хотуттарыгар, култуура киинин салайааччытыгар Валентина Владимировна Голоковаҕа.
Айыы Уолун сырдык аатын үйэтитэр сыаллаах күрэххэ күүс-көмө буолбут спонсордарбытыгар “Бөртө” сылгы собуотугар, салайааччы Александр Васильевич Павлов, Улахан Аан учаастактааҕы балыаһатыгар, “Кыымчаан” оҕо уһуйааныгар, Оҕо спортивнай оскуолатыгар, Олохтоох МПЧ, РЭС, ОДьКХ тэрилтэлэригэр, нэһилиэк тумус туттар урбаанньыттарыгар айар дьоҕурдаах кэнчээри ыччаттарга өйөбүл, бигэ тирэх, холобур буола тураргыт иһин тэрийэр бөлөх ааттарыттан истиҥ махталбытын тириэрдэбит. Александр Самсонов Айыы Уола айан хаалларбыт ылбаҕай ырыалара өссө да уһун сылларга дьон-сэргэ ортотугар уостан түспэккэ, санаабытын кынаттыы, сүрэхпитигэр нарын иэйии буолан ыллана турдуннар, саҥа айар талааннаах ыччат улууспутугар сүҥкэн кылааты киллэрэҥҥит, бар дьон биһирэбилин ылыаххыт.
Бу күрэһи көҕүлээбит, көҕүлүү сылдьар үтүө киһибит Л.В.Харитонова эппитинии, билигин Айыы Уолун ырыатын аан дойду дьоно сөбүлээн ыллыыр буолла, онон туризм хайысхата сайдыыта инники кэскиллээх буолбутунан, бу күрэһи Арассыыйа таһымыгар ыытарга, сайдыы барыан наада диэн эппит бэргэн этиитинэн түмүктүүбүн.
Баҕарабыт уйгулаах олоҕу, кэҥии турар кэскили, үс үйэ тухары үллэ турар үөрүүнү, түөрт үйэ тухары төрүү турар дьолу, биэс үйэ тухары алла турар быйаҥы, өрөгөйгүт үрдүү турдун, саргыгыт салалла турдун, тускуллаах олохтонуҥ, уйгу мичик тэрилиннин диэн алгыстаах тыл бастыҥын аныыбыт!
Ааптар: Прасковья Лебедева, Хаҥалас улууһун “Арчы Дьиэтэ” норуот айымньытын киинин исписэлииһэ.