Бу дьыл муус устар 20-21 күннэригэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Айылҕа харыстабылын миниистирэ Сахамин Афанасьев Өлөөн эбэҥки национальнай оройуонугар үлэлээтэ.
Кини муус устар ый 20 күнүгэр Томтор Таастааҕы айылҕа сэдэх тимир баайдаах сиригэр геологическай үөрэтиини ыытар ХЭТ «Востокинжиринг» хампаанньа «Бураннай» учаастагар ыытар үлэтин кытта билистэ.
Муус устар ый 20 күнүн иккис аҥаарыгар оройуоҥҥа үлэлиир айылҕа харыстабылын уонна булт хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин кытта көрсөн СӨ Айылҕа харыстабылын министерствотын ыытар элбэх өрүттээх үлэтин, былааннарын уонна Өлөөн оройуонун сиригэр-уотугар промышленность киириитин усулуобуйатыгар Айылҕа харыстабылын үлэһиттэрин иннигэр турар соруктары, быһаарыллыахтаах боппуруостары сиһилии билиһиннэрдэ. Айылҕа харыстабылын үлэлиир усулуобуйаларыгар туох быһаарыллыбатах боппуруостар туралларын ыйыталаста, айылҕа харыстабылын оройуоннааҕы инспекциятын материльнай-техническэй базатын бөҕөргөтүүгэ ыытыллыахтаах үлэлэри быһаарда.
Миниистир Сахамин Афанасьев муус устар 21 күнүгэр оройуон хаһаайыстыбаннай актыыбын кытта көрсөн Өлөөн эбэҥки национальнай оройуонугар оробуочай сырыытын түмүгүн билиһиннэрдэ уонна оройуон олохтоохторун элбэх ахсааннаах боппуруостарыгар сиһилии быһаарыылары, сөптөөх хоруйдары биэрэн дьон сүргэлэрэ көтөҕүлүннэ. Көрсүһүү түмүгэр оройуон хаһаайыстыбаннай актыыбын кыттыылаахтара Айылҕа харыстабылын министиэристибэтэ ыытар, тэрийэр үлэтинэн биһирииллэрин биллэрдилэр уонна өссө да күүс-көмө буола турарыгар баҕардылар.