Айсен Николаев ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ уһулуннаҕына бултааһын көҥүллэниэҕин эттэ

Айсен Николаев бултааһын ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ уһулуннаҕына көҥүллэниэн туһунан бэйэтин инстаграм сирэйигэр суруйда https://www.instagram.com/p/CTYOTlwKtW1/


«Бу күннэргэ Илиҥҥи экономическай форумҥа кыттар кэммэр үгүс сахам дьоно булт хаhан көҥүллэнэрин туһунан элбэхтик ыйыталаһаллар, суруйаллар. Эр киһи быһыытынан күһүҥҥү абылаҥнаах булду чугастык ылынабын.

Ойуур баһаардарынан ситимнээн биллэриллибит ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ бү күннэргэ уһуллан, бултааһын көҥүллэниэҕэ.

Күндү бар дьонум, барыгытын ийэ айылҕабытыгар харыстабыллаахтык сыhыаннаhарга ыҥырабын! Булчут-алчыт дьоммутугар Баай байанай тосхойдун!», — диир кини.

This post was published on 04.09.2021 09:14 09:14