Ахсынньы 17 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев «Биир ньыгыл Россия» политическай баартыйа XXI съеһигэр кыттыыны ылла. Киэҥ ыҥырыылаах мунньахха баартыйа Россия президиэнин быыбарыгар Владимир Путин кандидатуратын өйүүр туһунан быһаарыы ылынна.
Судаарыстыба баһылыга съезд кыттыылаахтарыгар туһаайан Россия сайдыытын инники тосхолун олохтоохтору кытта тэҥҥэ быһаарыллыахтаах диэн эттэ.
«Баартыйа 2021 сыллааҕы парламент быыбарыгар илдьэ киирбит бырагыраамата норуот бырагырааматын быһыытынан сыаналанар. Ол иһин докумуон олоххо киириитэ Россия мөлүйүөнүнэн олохтоохторун хабар. Докумуон сайыннарыллан иһиэхтээх, ол иһин саҥаттан саҥа идеялар, бырайыактар, быһаарыллыбыт-быһаарыллыбатах боппуроустары учуоттаан, толоруллар», – диэтэ Владимир Путин.
«Съездкэ кулун тутар ыйга ыытыллыахтаах дойду баһылыгын быыбарыгар бэйэтин кандидатуратын туруоруммут Владимир Путин быһаарыытын «Биир ньыгыл Россия» баартыйа өйөөтө. Бу олохтоох быһаарыы. Элбэх регион бэрэстэбиитэлэ тыл эттэ. Кинилэр дойду сайдыытыгар Владимир Владимирович оруолун эттилэр. Билигин судургута суох кэмҥэ, дойду суверенитетын иһин охсуһар кэммитигэр, биһиэхэ улуу кыайыыга сирдиир күүстээх лидер наада. Владимир Владимирович Россия элбэх омуктаах норуотун өйөбүлүн ылыа уонна президент быыбарыгар кыайарыгар эрэнэбин», – диэтэ Айсен Николаев.