Ил Дархан Айсен Николаев анал байыаннай дьаһал буолар сиригэр-уотугар баар. Кини Саха сириттэн «БАРС-2» этэрээккэ байыаннай техника биэрдэ.
«Түөрт «Сокол» квадроцикл туттарылынна, бырысыаптаах, байыастар баҕаларынан анаан модернизациялаах. Маны сэргэ дрону утарар сэп-сэбиргэл, тепловизордар, дроннар, прицеллар, коллиматордар, рациялар, эбии экипировка уонна «Хоту Тент» хампаанньа бородууксуйата бэрилиннэ.
Бу барыта биһиги байыастарбыт кыайыыларыгар көмөлөһүө диэн эрэллээхпит. Биһиги уолаттарбыт дойду көмүскэлигэр сылдьаллар, бойобуой соруктары чиэстээхтик толороллор», — диэн суруйда бэйэтин телеграм-ханаалыгар Ил Дархан.
Айсен Николаев «БАРС-2» этэрээт байыастарын уонна тирэх пууннар бэрэстэбиитэллэрин кытта Саха сириттэн СВО-ҕа кыттар дьон материальнай-техническай сириэстибэлэринэн хааччыллыыларын туһунан боппуруостары кэпсэттилэр.
Санаттахха, бу регион баһылыгын бастакы сырыыта буолбатах. Айсен Николаев хаста да шефтээх Кировскай чөлүгэр түһэриллиитигэр сылдьыбыта, ДНР баһылыгын э.т. Денис Пушилины кытта көрсүбүтэ, «Боотур» этэрээккэ көмө биэрбитэ.