Бэҕэһээҥи быһа эфир кэмигэр Айсен Николаев биир сыл региону салайбыт кэмигэр Саха сиригэр туох ситиһиллибитин эттэ. Кини этэринэн, өрөспүүбүлүкэҕэ олоҕу бииргэ тупсарар туһугар дьон сомоҕолоһорго бэлэм.
«Ыраах улууска тиий эбэтэр промышленнай оройуоҥҥа да буоллун, маны сэргэ социальнай ситимнэринэн ааҕан, нэһилиэнньэ өйөбүлүн, кинилэр үчүгэй өттүгэр уларыйыылары баҕаралларын билэбин. Дьон уларытыы түргэнник киириэн баҕарар», — диэн бэлиэтээтэ Ил Дархан.
Айсен Николаев этэринэн, кылаабынайа — килэмиэтиринэн тутуллубут суоллар, элбэх квадратнай миэтэрэ иэннээх тутуллубут дьиэлэр, социальнай, промышленнай эбийиэктэр буолбакка, өрөспүүбүлүкэ сомоҕолоһуута уонна үчүгэйгэ уларытыылары киллэрэр хамсааһыны саҕалааһына буолар.
«Уларыйарга баҕа санаа, олор олоххо киирэллэригэр үлэлииргэ бэлэм буолуу — бу биһиги ситиһиибит саамай сүрүнэ. 2019 сылы — Сомоҕолоһуу сылын биллэрбиппит, туруоруммут сыалбыт сүрүннээн ситиһилиннэ дии саныыбын. Биһиги — биир өрөспүүбүлүкэбит уонна бэйэбит күүспүтүнэн үчүгэйгэ уларыйабыт«, — диэтэ кини.