Өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев кулун тутар 16 күнүгэр Арассыыйа бэрэсэдьиэнэ Владимир Путин «РФ субъектарын социальнай- экономическай өйөөһүн дьаһалларын туһунан» мунньаҕар кытынна. Көрсүһүү түмүгүн туһунан Ил Дархан бэйэтин Телеграм ханаалыгар суруйда.
Сүбэ мунньах саҕаланыытыгар, Владимир Путин регионнар баһылыктарыгар экономиканы өйөөһүҥҥэ эбии боломуочуйалары биэрэр туһунан ыйаахха илии баттаабытын иһитиннэрдэ. «Билигин Федерация субъектарын салайааччыларын көҕүлээһиннэриттэн, кинилэр эппиэтинэстэриттэн эмиэ олус улахан тутулуктаах», — диэтэ Арассыыйа бэрэсэдьиэнэ.
«Саха сирэ нэһилиэнньэ дохуотун өйүүргэ туһаайыллыбыт бары дьаһаллары өйүүр. Дьадайыыны утары охсуһуу, үлэ миэстэтин оннунан хаалларыы, нэһилиэнньэ кыаммат араҥатын өйөөһүн сүрүн соруктарбыт буолуохтара», — диэн өрөспүүбүлүкэ баһылыга мунньах түмүгүн иһитиннэрдэ .
Мунньах кэмигэр Владимир Путин судаарыстыбыннай контрактарынан үбүлээһин кээмэйин 50 %- ҥа диэри улаатыннарар сорудаҕы биэрдэ. «Сотору кэминэн тустаах быһаарыылары өрөспүүбүлүкэ уонна муниципальнай таһымҥа ылыллыахтара», — диэтэ Айсен Николаев.
Санкциялар киириэхтэриттэн Арассыыйа экономикатын чөлүгэр түһэриигэ сүрүн оруолу бизнес ылыахтаах, — диир бэрэсэдьиэн. Онон «урбаанньыттары өйүөххэ уонна толору көҥүлү биэрэр наада. Административнай баттааһыны намтатыыга уонна сайдыы институттарын күүһүрдүүгэ үлэ салгыы барыаҕа», — диэтэ Ил Дархан.
«Бэрэсэдьиэн дойду регионнарын уонна бырабыыталыстыба иннигэр чуолкай соругу туруорда: 2030 сылга диэри РФ сайдыытын бары национальнай сыаллара ситиһиллиэхтээхтэр, оттон инфраструктурнай бырайыактар төһө да ыарахаттар баалларын үрдүнэн олоххо киллэриллиэхтээхтэр. Глобальнай уларыйыылар кэмнэрин тулуйуохтаахпыт. Билигин хас биирдии регион таһымыгар ылыныллар көдьүүстээх быһаарыылартан судаарыстыба ситиһиилээх буолара тутулуктаах«, — диэтэ түмүккэ Саха сирин баһылыга.