Федеральнай университеттар геостратегическай территориялар сайдыыларыгар, регионнарга интеграционнай процесстар барыыларыгар, уопсастыба, былаас уонна бизнес сыһыаныгар улахан оруоллаах. Ил Дархан Айсен Николаев «Университеты и развитие геостратегических территорий России» форумҥа бу туһунан эттэ, суруйар СИА.
«Россия судаарыстыбаннай бырааһынньыгын кэмигэр биһиги территориялар сибээстэрин, улуу судаарыстыба биир ньыгыл буолуутун боппуруостарын дьүүллэһэбит. Регионнар биир ньыгыл буолуулара, уопсастыба, сыал-сорук биир буолуулара ордук суолталааҕар дэрэнэбин. Университеттар саҥа социальнай-экономическай архитектура тутулларыгар оруоллара, мин санаабар, тугунан да солбуллубат», — диэтэ Айсен Николаев.
«Университеты и развитие геостратегических территорий России» форум Дьокуускайга бэс ыйын 10 — 12 күннэригэр ыытылынна, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ көҕүлээһининэн.
Хаартыска: Мичил Яковлев, ХИФУ