22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Айсен Николаев Оҕо көмүскэлин күнүнэн эҕэрдэлиир

10:33, 01 июня 2023
Текст:
Фото: Мария Васильева, ЯСИА
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Күндү Саха сирин олохтоохторо! Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын аатыттан эһигини Оҕо көмүскэлин күнүнэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин!

Бу сырдык, кэрэ бырааһынньыгы са­­йыммыт бастакы күнүгэр, оҕолорбут уһун сынньалаҥҥа барыыларын саҕана, саҥаны арыйыы, мүччүргэннээх сырыылар уонна чаҕылхай өйдөбүллэр үөскүүр кэмнэригэр бэлиэтиирбит тоҕоостоох.  Саха сирэ элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэринэн биллэр. Кыһамньыга уонна тапталга оҕолорбутун улаатыннарыы – бу инникигэ тирэх. Мин төрөппүттэргэ оҕолорун үтүөнү оҥорорго, үлэлииргэ, дойдуну таптыырга, тулалыыр эйгэни билэргэ, олохтон дуоһуйарга уһуйалларын, талааннарын арыйалларын, кинилэр ситиһиилэриттэн үөрэллэрин иһин махтанабын.

Биһиги дойдуга оҕо төрөөһүнүнэн сэттис көрдөрүүлээхпит, Уһук Илиҥҥэ бастакы миэстэҕэ сылдьабыт. Судаарыстыба, уопсастыба уонна дьиэ кэргэн кыһамньыта – дьоллоох оҕо саас. Ол инниттэн биһиги оскуолалары уонна уһуйааннары, култуура уонна успуорт дыбарыастарын тутабыт. Эбии үөрэхтээһин кииннэрэ үлэлииллэр, оҕолор духуобунай уонна өй-билии өттүнэн таһымнара үрдүүрүгэр бары усулуобуйа тэриллэр, ийэ буолуу харыстабылыгар уонна оҕо көмүскэлигэр бырайыактар олоххо киирэллэр. Оҕолорго уонна кинилэр төрөппүттэригэр социальнай өйөбүл – оҕону иитэ ылбыт төрөппүттэргэ төлөбүр, 8-тан 17-гэр диэри саастаах оҕоҕо ыйдааҕы төлөбүр улаатар, элбэх оҕолоохторго култуура уонна ус­­пуорт тэрилтэлэрин өҥөлөрүгэр чэпчэтии оҥоһуллар.

Саха АССР 100 сылыгар өрөспүүбүлүкэҕэ Ийэ сылын биллэрбиппит. Ааспыт сыл устата төрөөбүт оҕолорго «Үйэ оҕолоро» диэн 100 тыһ. солк. суумалаах тус сыаллаах хапытаал олохтоммута. Быйыл мин бу хапытаал болдьоҕун өссө биэс сылга уһаттым. 2023 сыл бэс ыйын 1 күнүгэр маннык хапытаалынан туһанарга 13 837 быһаарыы ылылынна.

Биһиэхэ хас биирдии оҕо күндү. Ол эрээри бүгүн ураты болҕомтону Аҕа дойдуну көмүскээччилэр – байыаннай дьа­­йыыга кыттааччылар оҕолоругар уурабыт. Кинилэр оскуолаҕа босхо аһынан хааччыллаллар, уһуйааҥҥа сылдьар төлөбүрдэриттэн босхолоноллор, эбии истипиэндьийэ төлөнөр, орто анал уонна үрдүк үөрэххэ киирэргэ тус сыаллаах миэстэ көрүллэр, сайыҥҥы сынньалаҥ уонна чэбдигирдии тэриллэр. Байыастарбыт биллиннэр – кинилэр оҕолоругар уонна дьиэ кэргэннэригэр биһиги кыһанабыт.

Биһиги оҕолорбут улааталларын, кинилэргэ үгүс суол арылларын, үтүө дьон буолалларын көрүү – улахан дьол.

Күндү оҕолор! Эһиги баҕа санааҕыт барыта туоллун! Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар чэгиэн туругу, эйэни уонна бары үтүөнү баҕарабын. Эһиги дьиэлэргит оҕо аймах саҥатынан өрүүтүн туол­луннар, оттон оҕолор ситиһиилэринэн мэлдьи үөртүннэр!

 Айсен Николаев, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА