Ил Дархан Айсен Николаев депутаттар II Съезтэрин пленарнай мунньахтарыгар оскуолаларга капитальнай өрөмүөнү ыытыыга болҕомтону хатаата.
«15 муниципальнай тэриллиигэ 37 оскуола өрөмүөнүн ыытыыга эбии 2,2 млрд тахса солк көрдүбүт. Онон бу сылга 57 оскуолаҕа 26 муниципалитекка өрөмүөн ыытыллыаҕа. Хаачыстыбатыгар уонна эбийиэк кэмигэр бэлэм буолуута эһигиттэн быһа тутулуктаах. Сыананы, биллэн турар, олохтоохтор туруоруохтара, түмүк үчүгэй буолуохтаах», – диэтэ Айсен Николаев.
Санаттахха, 2022 сыл ахсынньытыгар РФ үөрэҕин министиэристибэтин кытта Саха сирин оскуолаларыгар 2023 сылга капитальнай өрөмүөнү ыытыыга эбии үбүлээһиҥҥэ эбии сөбүлэҥ сурук түһэрсиллибитэ.