Айсен Николаев: «Барыллаан куоластааһын кэскиллээх дьон элбэҕин көрдөрөр»

Дьокуускай куорат баhылыга Айсен Николаев «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа барыллаан куоластааhыныгар 33-с оскуолаҕа быыбардаата. 


«Праймериз баартыйаҕа элбэх кэскиллээх дьон баарын көрдөрдө. Баартыйа иһигэр киирсии олус улахан оруоллаах», — диир мэр.

«Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа Саха сиринээҕи салаата быһа сибээһи 8924-177-5969 төл. нүөмэринэн олохтоото.

Араас таһымҥа быыбар быйыл балаҕан ыйын 9 күнүгэр буолуоҕа. Саха сиригэр Ил Түмэн уонна Дьокуускай куорат дууматын дьокутааттарын, 26 улуус мунньаҕын дьокутааттарын, 15 улуус уонна 21 нэһилиэк баһылыгын талыахпыт.

Николай Попов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

This post was published on 15.04.2018 10:45 10:45