23 Сэтинньи 23.11
  • -22°
  • $ 100,68
  • 106,08

Айсен Николаев: Бүлүү бөлөх улуустара ыраас уунан хааччылыахтара

17:02, 28 сентября 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бүлүү эбэ устун нэһилиэнньэлээх пууннары ыраас уунан толору хааччыйыыга үлэ 2024 сылга түмүктэниэҕэ. Ол туһунан бэҕэһээ быһа эфир кэмигэр Айсен Николаев эттэ, суруйар СИА. 

«2018 сыллааҕы Бүлүү эбэҕэ, даамба алдьаныытыттан тахсыбыт саахал кэнниттэн, Бүлүү бөлөх оройуоннары ыраас уунан хааччыйыыга биэс сыллаах бырагырааманы толорорго дуогабар түһэрсибиппит. Бырагыраама суумата – 2 млрд солк. Бары нэһилиэнньэлээх пууннарга тийиэҕэ, техника ылыытыттан, ыстаансыйалары тутууга тиийэ», — диэтэ Айсен Николаев.

Ил Дархан бэлиэтээбитинэн, үлэ кыраапык быһыытынан барар.

«Үбү сөпкө аттаран туттуохтаахпыт. Биһиги сорукпут — нэһилиэнньэни ыраас уунан хааччыйыы, бу 2024 сылга диэри оҥоһуллуохтаах», — диэтэ кини.

Санатар эбит буоллахха, 2018 сыл атырдьах ыйын 18 күнүгэр Мииринэй оройуонугар элбэх ардах түһэн, АЛРОСА хампаанньа полигонун даамбатын алдьаппыта, Иирэлээх өрүскэ. Исписэлиистэр Иирэлээх, Маалай Ботуобуйа уонна Бүлүү эбэлэрин уулара киртийбитин дакаастаабыттара.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА