Ил Дархан Айсен Николаев Арктика кытылынан тайаан сытар улуустарга саахалланар уонна хаарбах туруктаах дьиэлэртэн босхолонууну сүрүн соругунан ааҕар. Ол туһунан кини социальнай ситимнэринэн аһаҕас эфиригэр эттэ.
Айсен Николаев эппитинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ үүнэр сылга 100 тыһ кв м хаарбах дьиэттэн дьону көһөрөр сорук турар. Регион хотугу өттүгэр ыраах, суола-ииһэ суох улуустарыгар бу кыһалҕа тыын суолталаах.
«Сорук ыарахан, боростуой буолбатах. Манна муниципалитеттар күүскэ ылсан үлэлиэхтэрин наада. Биллэн турар, тутуу комплексын үлэтиттэн эмиэ улахан тутулуктаах. Миэрэлэр ылыллаллар. Бу ыарахан соругу хайаан да быһаарыахтаахпыт», — диэн өрөспүүбүлүкэ лидерэ эттэ.